200 тыһ. көмө харчы 90 % төлөннө, аны байыаннай госпиталга диэри айан суола толуйуллуо

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччылар дьиэ кэргэттэрин социальнай өттүнэн өйөөһүн тиһиктээхтик барар.

Бүгүҥҥү туругунан быстах хомуурга мобилизацияламмыт, баҕа өттүлэринэн барбыт уонна хантараагынан сылдьааччы дьон дьиэ кэргэттэрэ Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан бигэргэммит 200 тыһ. солк. социальнай көмөнү 90 % ыллылар. Ол туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Ольга Балабкина быһаарбытынан, сибидиэнньэлэрэ бигэргэммэтэх уонна чугас аймахтара, дьиэ кэргэттэрэ сайабылыанньа суруйбатах дьон төлөбүрдэрэ эрэ хаалбыт. Инньэ гынан байыаннайдарга төлөбүрү бэйэлэригэр ыытар курдук докумуоннары хомуйуу, бэрэбиэркэлээһин үлэтэ барар.
Брифиҥҥэ этиллибитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ «122» быһа линия нөҥүө нэһилиэнньэ байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоҥҥо оҥоһуллар социальнай төлөбүрдэр тустарынан ыйытыыта аҕыйаабыт.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоммут бэрээдэк чэрчитинэн, эчэйиини ылбыт байыастарга аймахтара байыаннай госпиталга тиийэр айаннарын суолун төлөбүрүн тиийинэн олоруу алын кээмэйин иккигэ төгүллэммит сууматынан олохтоон көмөлөһөргө бэлэммит. Ол быһа холоон, 41-тэн 49 тыһ. солк. тиийиэ», – диэн Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэ Аҕа Баһылыга Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа тулаайах быһыытынан билиниллибит байыаннай сулууспалаахтар балтыларын, бырааттарын анал социальнай истипиэндьийэни ылааччылар категорияларыгар киллэрэргэ сорудахтаабытын бэлиэтээтэ.

Recent Posts

  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

2 часа ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

101 саастаах сэрии бэтэрээнэ Наум Слепцов: “Күммүн сэрээккэттэн саҕалыыбын…”

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө Марха бөһүөлэгэр 101 саастаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа…

3 часа ago