Хаартыска: Юрий Попов тиксэриитэ.
Юрий Попов, “Основа” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ:
-Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииригэр киһи кэрэхсээн истэрэ элбэх. Ол эрээри саамай сөбүлээн истибитим, Саха сирин – Арассыыйа эрэллээх тыыла, диэтилэр. Ол курдук тутааччылар эмиэ Саха сирин эрэллээх тыыла буолаллар. Хайа баҕарар киһи үчүгэй дьиэҕэ-уокка олоруон, үлэлиэн, уһун үйэлэниэн баҕарар. Социальнай эбийиэктэр, дьон олорор дьиэтэ, нэһилиэнньэлээх пууннар тупсаҕай көрүҥнэрэ барыта тутааччылар илиилэрин иһинэн ааһар. Биллэн турар, билигин сүрүн ыстаапка саамай үрдүк кэрдиискэ турар кэмигэр биһиги салаабыт кэккэ ыарахаттары көрсөр. Бу уустук кэми өрөспүүбүлүкэбит салалтата, Тутуу министиэристибэтэ, куорат уокуруга, бырайыактааччылар бары бииргэ сомоҕолоһон, биир хамаанда буолан туоруохпутун наада.
Национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ биһиги тэрилтэбит ыкса үлэлиир. Быйыл Аммаҕа кииннэммит улуус балыыһатын, Аллараа Бэстээххэ эмиэ улахан балыыһаны тутан үлэҕэ киллэриэхпит. 2018 сыллаахтан 72 ФАП туттубут, былырыын оскуола тутан киллэрбиппит. Итинник өрөспүүбүлүкэбит сайдарын, дьоно-сэргэтэ доруобай, үөрэхтээх буолалларыгар кылааппытын угабыт.
Бэс ыйын 7-8 күннэригэр Монголияҕа ыытыллыбыт Эйэ ыһыаҕар 300-тэн тахса киһи кытынна. Бу туһунан бүгүн…
От ыйын 1 күнүгэр диэри Саха сиригэр 43 тирэх нэһилиэнньэлээх пуун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын биир кэлим…
2020 сыллаахха талыллыбыт баһылыктар уонна дьокутааттар үлэлиир болдьохторо бүппүтүнэн быйыл элбэх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа араас таһымнаах…
Бары да кыратык оҕо курдук буолан ылар буоллахпыт. Көрүҥ эрэ, бу "Өлүөнэ очуостара" национальнай пааркаҕа…
Соторутааҕыта бэс ыйын 10-11 күннэригэр Ил Түмэн XIII (уочараттаах) пленарнай мунньаҕа буолан ааспыта. Бэбиэскэҕэ барыта…
Дьокуускайга харчыны күһэйэн туран ылыы түбэлтэтигэр холуобунай дьыала тэрилиннэ. Дьокуускай куорат олохтооҕо күһэйэн туран харчыны…