Салгыы
2022 сыл экэниэмикэҕэ үтүө түмүктэрэ

2022 сыл экэниэмикэҕэ үтүө түмүктэрэ

Ааптар:
01.01.2023, 12:00
Бөлөххө киир:

Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы хаһааҥҥы­тааҕар даҕаны үрдүк көрдөрүүлээх буолан, былырыын ситиһиллибит историческай таһымыгар тиийдэ. Өрөспүүбүлүкэ сыл аайы бырамыысыланнай оҥоруутун эбэн, усулуобуйа оҥорон, инвестордары тардан, бу ааспыт 4 сыл иһигэр дохуотун 37 % улаа­тыннарда. Кэлэр 2023 сыллааҕы бүддьүөппүт үрдээн, 273 млрд солк. бигэргэннэ.

Итинтэн 140 млрд солк. кэриҥэ үп социальнай хайысхалары толуйууга көрүлүннэ. Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн дохуот таһыма намтыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ нэһи­лиэнньэтин дохуота 3% үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Оттон бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга Саха сирэ эмиэ 8 бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэн иһигэр киирдэ.

2022 сыл түмүгүнэн эрэги­йиэн бу салааҕа үүнүүтэ 12,2% буолла. Арассыыйа киин эрэги­йиэннэрэ, арҕааҥҥы сааҥсыйалартан эмсэҕэлээн, оҥорон та­­һаарыылара түһэ турар кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ Хоту сир уонна Арктика сайдыытын кэлим бырагырааматынан Азия дойдуларын кытары сибээһи тутуһара, олохтуура улахан кэскиллээх буолла. Эспиэрдэр дойду сайдыыта Уһук Илинтэн саҕаланыа диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр. Саха сирэ Уһук Илин уонна Арассыыйа экэниэмикэтин сайдыытын локомотивынан буолара саарбаҕа суох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: