2022 сылга Саха сиригэр 38 оскуола өрөмүөннэннэ
Ааспыт 2022 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх эйгэтигэр үгүс тэрээһиннээх, хотуулаах диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Быйыл Саха АССР 100, Саха АССР Үөрэҕириигэ народнай комиссариатын 100 сыллара.
1922 сыллаахха Сырдатыы, доруобуйа харыстабылын, социальнай хааччыйыы холбоһуктаах народнай комиссариаттара тэриллибитэ. Аҕыйах кэминэн Сырдатыы народнай комиссариата туспа буруо таһааран барбыта. Оччолорго сорук биир – кырааматынаһа суох дьон ахсаанын аҕыйатыы. Бэлиэ сыл иитинэн 2022 сыл устата араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, алтынньы саҥатыгар “Открытое образование – пространство возможностей” СӨ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһэ буолан ааста. Манна Саха сирин бары улууһуттан 500 дэлэгээт ыҥырыллыбыта эрээри, таһыччы элбэх киһи кытынна. Бу сийиэскэ уһуйаантан, каадыртан саҕалаан хаачыстыбаҕа тиийэ үгүс боппуруос хабылынна.
Ити кэнниттэн былааннаммытын быһыытынан, сэтинньигэ Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ буолла. Эмиэ 502 дэлэгээт ыҥырыллыбыта. 2017 сыллааҕы сийиэстэн таһыччы таһымнаах ааста, боппуруостара чопчулар. Ол курдук, сахалыы эйгэни уһуйаантан саҕалыыр, төрөппүттэри кытта үлэни күүскэ ыытар, саха тылын куйаар ситимигэр, сахалыы эйгэни кэҥэтии о.д.а. суолталаах боппуруостары таарыйдылар.
2022 сылга федеральнай бырагырааманан Саха сиригэр улуустары хабан туран 38 оскуола өрөмүөннэннэ. Маныаха анаан 2 млрд 532 мөл. солк. үп тыырыллыбыта. 2023 сылга 2 млрд 576 мөл. солк. суума көрүллэн, 57 оскуола өрөмүөннэниэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: