2022 сылга Саха сиригэр 38 оскуола өрөмүөннэннэ

Share

Ааспыт 2022 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх эйгэтигэр үгүс тэрээһиннээх, хотуу­лаах диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Быйыл Саха АССР 100, Саха АССР Үөрэҕириигэ народнай комиссариатын 100 сыллара.

1922 сыллаахха Сырдатыы, доруобуйа харыстабылын, социальнай хааччыйыы холбоһуктаах народнай комиссариаттара тэриллибитэ. Аҕыйах кэминэн Сырдатыы народнай комиссариата туспа буруо таһаа­ран барбыта. Оччолорго сорук биир – кырааматынаһа суох дьон ахсаанын аҕыйатыы. Бэлиэ сыл иитинэн 2022 сыл устата араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, алтынньы саҥатыгар “Открытое образование – пространство возможностей” СӨ учууталларын уонна педагогичес­кай уопсастыбаннаһын XIV си­­йиэһэ буолан ааста. Манна Саха сирин бары улууһуттан 500 дэлэгээт ыҥырыллыбыта эрээри, таһыччы элбэх киһи кытынна. Бу сийиэскэ уһуйаантан, каадыртан саҕалаан хаачыстыбаҕа тиийэ үгүс боппуруос хабылынна.

Ити кэнниттэн былааннаммытын быһыытынан, сэтинньигэ Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ буолла. Эмиэ 502 дэлэгээт ыҥырыллыбыта. 2017 сыллааҕы сийиэстэн таһыччы таһымнаах ааста, боппуруостара чопчулар. Ол курдук, сахалыы эйгэни уһуйаантан саҕалыыр, төрөппүттэри кытта үлэни күүскэ ыытар, саха тылын куйаар ситимигэр, сахалыы эйгэни кэҥэтии о.д.а. суолталаах боппуруостары таарыйдылар.

2022 сылга федеральнай бырагырааманан Саха сиригэр улуус­тары хабан туран 38 оскуола өрөмүөннэннэ. Маныаха анаан 2 млрд 532 мөл. солк. үп тыырыллыбыта. 2023 сылга 2 млрд 576 мөл. солк. суума көрүллэн, 57 оскуола өрөмүөннэниэхтээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киирэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

26 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago