ЗАГС управлениета 2023 сылга Саха сиригэр төрөөбүт оҕолор тустарынан интэриэһинэй чахчылары түмэн таһаарда.
Ол курдук, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 11 282 оҕо төрөөбүт. Мантан 49,1%-на — кыыс, 50,9%-на — уол. 4140 оҕону (37%) «Оҕо төрөөһүнэ» сервис нөҥүө онлайн көрүҥүнэн регистрациялаабыттар.
Төрөппүттэртэн 6946 эрэ ыал сокуонунан саахсалаахтар эбит. Төрөппүттэрин саастара: 25-гэр диэри — 1369 киһи, 26-35 саастаахтар — 3931 киһи, 36 үөһээ саастаахтар — 1421 киһи.
Кыргыттарга саамай тарҕаммыт ааттар: София, Ева, Мия, Милана, Аделина, Виктори, Алиса, Амелия. Сахалыы ааттарга: Сайаана, Мичийэ, Сандаара, Айаана, Кэрэли, Дайаана, Күннэй, Айсаана, Сайнаара.
Уолаттарга саамай тарҕаммыт ааттар: Лев, Тимур, Марк, Артем, Александр, Максим, Кирилл. Сахалыы ааттарга: Эрсан, Айтал, Эркин, Арылхан, Дьулуур, Эрхан, Айхал, Эрэл, Айсен.
Бу сылга барыта 228 игирэ оҕо төрөөбүт. Дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕо — 3169, иккис оҕо — 3168, үһүс оҕо — 2733, төрдүс уонна бэһис, алтыс… — 2182 оҕо төрөөбүт.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…