2023 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар 14 млрд 200 мөл. солк. көрүллүөҕэ
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, парламент пленарнай мунньаҕын иннинэ, Ил Түмэн салалтатын, бастайааннай кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрин, бэлитиичэскэй фракциялар салайааччыларын кытары көрүстэ. Пленарнай мунньахха өрөспүүбүлүкэ 2023 уонна 2024,2025 сыллардааҕы бүддьүөтэ көрүллүөхтээх.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга норуот дьокутааттарыгар, бастатан туран, сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалары кытары сүҥкэн үлэни ыыппыт бүддьүөт кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэригэр махтанна. Сүбэ мунньахтарга уопсайа 600-кэ көннөрүү көрүллүбүтэ. Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөөһүҥҥэ сыһыаннаах соруктар барыта учуоттаммыттарын бэлиэтээн эттэ.
«Төһө да кыһалҕалар үөскээтиннэр, биһиги сыллата тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөөн, үбүлээһин кээмэйин улаатыннара турабыт. 2023 сылга 14 млрд 200 мөл. солк. кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар көрүлүннэ. Бу билиҥҥи усулуобуйаҕа улахан ситиһии», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан маны таһынан доруобуйа харыстабылын боппуруоһугар тохтоото. Айсен Николаев кэлиҥҥи үс сылга эрэгийиэҥҥэ Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын пуондатын бүддьүөтэ улааппытын иһитиннэрдэ. Кэлэр сылга үбүлээһин 2,5 млрд солк. улаатыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: