Салгыы
2023 сыллааҕы түмүктэри сэгэттэххэ…

2023 сыллааҕы түмүктэри сэгэттэххэ…

Ааптар:
21.01.2024, 19:00
Хаартыска: Андрей Сорокин
Бөлөххө киир:

Ааспыт 2023 сыл Саха сиригэр киинэ сайдыытыгар ситиһиилэрдээх, олук охсор түгэннэрдээх буолла. Сорох айымньылар саҥа таһымы олохтоотулар, атыттар кэлэр кэмҥэ уруккулуу туттан устар кэскилэ суоҕун көрдөрдүлэр. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ киирбит саҥа сүүрээннэр саҥа сайдар кыаҕы эбиэх курдуктар. Бу ыстатыйаҕа киинэ эйгэтин бэстибээллэргэ ситиһиилэрин ахтыбакка (дьиҥэр, күрэхтэргэ кыайыылар, биллэн турар элбэхтэр), үп-харчы, идэҕэ сыһыаннаах кыһалҕалары таарыйан ырытан көрүөхпүт.

Саҥа чыпчаал, саҥа алын таһым

Былырыын ЕАИС (Арассыы­йатааҕы киинэ көрдөрүүтүн ааҕар биир кэлим сис­­тиэмэ) көрдөрүүлэринэн, Саха сиригэр уһуллубут 27 киинэ 300 тыһыынчаттан тахса көрөөччүнү киинэ тыйаатырдарыгар аҕалан, 100 мөл. солк. тахса үбү хомуйбут. Бу – төгүрүк сыыппара сыллааҕы үп киллэриитин саҥа рекорда. Бу иннинээҕи сылларга уопсай хомуур көрдөрүүлэрэ лаппа намыһах этилэр – 2022 сыл – 73 мөл. солк., 2021 сыл – 61 мөл. солк.

Хас даҕаны хартыына оҥорууга бараммыт үптэн лаппа улахан дохуоту киллэрэн, бу көрдөрүүгэ Арассыыйа үрдүнэн бастыҥнар истэригэр киирбит. Тэҥнээн көрдөххө: ааспыт сылга Арассыыйа үрдүнэн 192 киинэ быракаакка тахсыбыт, олортон 36 эрэ хартыына бараммыт бүддьүөттээҕэр элбэх үбү хомуйбут. Бу хартыыналартан  сэттэтэ Саха сиригэр оҥоһуллубут:  «Айта» (киирбит харчы – 26.4 мөл. солк., бараммыт үп 4.5 мөл. солк.), «Лоокуут уонна Ньургуһун» (киирбит харчы – 21.9 мөл. солк., бараммыт үп 6 мөл. солк.), «Харчы. Иэстэбил» (киирбит харчы  – 8.2 мөл. солк. (быракаата бүтэ илик),  бараммыт үп  2 мөл. солк.), «Эт» (киирбит харчы – 4.6 мөл. солк., бараммыт үп 1.75 мөл. солк.), «Почти как все» (киирбит харчы – 5 мөл. солк., бараммыт үп  – 8.2 мөл солк.), «Бүгүн-былыр 2» (киирбит харчы – 4.2 мөл. руб., бараммыт үп – 7.5 мөл. солк.), «Хапхаан» (киирбит харчы – 3 мөл. солк., бараммыт үп 3.6 мөл. солк.).

Быйылгы “чөмпүйүөннэр” – “Айта” уонна “Лоокуут уонна Ньургуһун” эрдэ ситиһиллибэтэх быракаат чыпчаалын олохтоотулар – 20 мөлүйүөнтэн тахса үбү киллэрдилэр. Оттон “Кэрэни көрбүт” хартыына 10 бастыҥ көрдөрүүлээх киинэ алын таһымын олохтоото –
11 мөл. солк. Кэлэр кэмҥэ киинэ оҥорооччулар лаппа кыһаннахтарына эрэ саҥа бастыҥнары куоһарар кыах­таахтар курдук.

“Экстра синема” ырыынагы кэҥэтэр

Ол да буоллар, үп өттүгэр саҥа рекордар өр тулуспаттара буолуо диэн санаа баар. Маннык санаа төрүөтүнэн көрөөччү ахсаана элбииригэр улахан хардыы оҥоһуллубута буолар. Иллэрээ сыл Саха сиригэр “Экстра Синема” диэн ааттаммыт саҥа киинэ ситимэ бэрт ситиһиилээхтик олоххо киирэн барбыта. Аҕыйах көрөөччүлээх нэһилиэнньэлээх пууннарга киинэ саалаларын арыйыы көҕүлээһинэ саамай үөһээттэн өйөбүл ылан бэрт тэтимнээхтик сайдан эрэр. Бастаан Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр уонна  Чурапчы Одьулуунугар саалалар аһыллыбыттара, көрөөччү көхтөөхтүк кэлэрэ көстүбүтэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар 27 киинэ көрдөрөр пуун аһыллыбыта, кэлэр сылга 123 саала аһыллара былааннанар. “Эбии көрөөччүнү хантан булабыт?” диэн киинэһиттэр ытамньы­йар ыйытыыларыгар хоруйдуур быһаарыы соһуччу бэрт чугас сиргэ көһүннэ быһыылаах. Билигин сахалыы киинэ премьералара Дьокуускай түөрт киинэ тыйаатырыгар эрэ буол­бакка, үгүс улуус киин нэһилиэктэригэр көрдөрүллэр буол­ла. Бу үп эрэ туһунан буолбатах, өр сыллаах тыа сирин олохтоохторугар туһаайыллыбыт “баттабылы” суох оҥорор бачыым. Технологическай саҥа саҕа­лааһыннары өйүүр Национальнай пуонда өйөбүлүн ылбыт киинэ ситимэ эрчимнээхтик сайда турарыгар эрэниэҕиҥ.

Бобуу, сэрэтии

Саха киинэтин эйгэтигэр биир ордук өйгө хатанар түгэнинэн “Айта” киинэни Роскомнадзор стриминговай сервистэртэн уһулуута буол­бута. “Атын омукка өс-­саас көбүтүү” бэлиэтэ баар диэн сылтаҕынан хонтуруоллуур уорган бу уус-уран айымньыны көрөөччү хараҕын далыттан ыраах уурарга дьаһайбыта уопсастыбаҕа улахан мөккүөрү таһаарбыта. “Киинэ ис хоһооно төттөрүтүн, итинник быһыы-майгы түктэритин көрдөрөр” диэн ис санаа­ны элбэх аптарытыат­таах дьон этэн көрбүтэ эрээри, тустаах быһаарыылара оннунан хаалбыта. Сотору буолан баран, Арассыыйа Култууратын минис­тиэристибэтэ “Айта” быракааттыыр дастабырыанньатын төттөрү ылбыта. Режиссер Степан Бурнашев этэринэн, айымньытын дьылҕатын туһугар албакаат­тар туруулаһа сатыыллар. Саҥа кэм ирдэбилинэн хонтуруол күүһүрбүтүн, үҥсээччи элбээбитин учуоттуур кыһалҕа үөскээбитэ көстөр.

Сайдыыны атахтыыр түгэннэр

Саха сиригэр киинэ индустрията экэниэмикэҕэ дьайыылаах көстүү буолбутун өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Арассыыйа таһымыгар бэлиэтээтилэр. Ол туоһута – Владимир Путин Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар Саха сиригэр киинэ павильонун тутарга дьаһал биэрбитэ буолар. Бу Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ бастакы маннык уустук оҥорон таһаа­рар технологическай тутуунан биллэр. Ол эрэн киинэ испи­сэлиистэрэ “бу павильон кыаҕын толору туһаныы хааччыллыа дуо?” диэн оруннаах ыйытыы туруораллар. Ону тэҥэ, “павильону толору үлэлэтэр кыахтаах исписэлиистэр бааллар дуо?” диэн ыйытыы эмиэ баар. Биллэн турар, Саха сирин киинэһиттэригэр бу саҥа киирии улахан көмөнү аҕалыа. Аттынааҕы эрэгийиэннэр эмиэ туһаныахтара, баҕар, чугастыы күрэстэһэр киинэлээх кыраай үөскүөҕэ. Ол эрэн, бу ыйытыы биир тыын кыһалҕаны таарыйар – идэлээх дьон тиийбэтин. Режиссердар, артыыстар, киинэ устар оператордар син бааллар (дьиҥэр, оператордар тиийбэт буоланнар, тас эрэгийиэннэртэн наймылаһыы үгэс буолбут). Балары таһынан киинэ оҥоруутугар уонунан атын идэлээхтэр ирдэнэллэр – уот туруорааччылар, тыас устааччылар, декорация таҥааччылар, устар тэрили бэри­йээччилэр, үлэһиттэри хааччыйааччылар уо.д.а. үгүс исписэ­лиистэр. Хас биирдии ааттаммыт идэҕэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэһит тиийбэт. Баар исписэлиистэр улахан аҥаардара анал үөрэхтэрэ суох “хонууга үөрэммит” дьон. Аны туран, киинэ хаачыстыбатыгар сүрүннүүр суолталаах айар үлэһит – сценарист суоҕа харахха быраҕыллар кыһалҕа буолбут. Аата ааттанар ситиһиилээх киинэлэрбит бары кэриэтэ “ааптар режиссер” айымньылара. Ол эрэн, аан дойду быраактыката көрдөрөрүнэн, сүрүн үп киллэрээччи бэстибээл киинэтэ буолбатах, олох­тоох көрөөччүнү саататар, умсугутар жанровай киинэ – кэмиэдьийэ, триллер, мелодрама. Бу киинэ ис хоһоонун суруйуунан дьарык­танар дьон Саха сиригэр тарбахха баттанар аҕыйахтар. Киинэ көстөр хартыыната төһө да тубустар, кэпсэнэр ис хоһоон таһыма тупсубатаҕына, кэлэр өттүгэр ол охсуулаах буолуон сөп. Онон, кэлэр сылларга үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллара олох ирдэбилэ буолла.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: