Салгыы
2024 сыл бүтүүтэ Жатайдааҕы судоверфь тутуутун бастакы түһүмэҕэ түмүктэниэҕэ

2024 сыл бүтүүтэ Жатайдааҕы судоверфь тутуутун бастакы түһүмэҕэ түмүктэниэҕэ

12.07.2024, 14:21
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Үрдүк технологичнай Жатайдааҕы судоверфь тутуутун көрөн баран, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков 2024 сыл бүтүүтэ Жатайдааҕы судоверфь тутуутун бастакы түһүмэҕин сүрүн үлэлэрэ бүтүөхтэрэ диэтэ итиэннэ кэлэр сылга эбийиэги бэрэбиэркэлээн үлэлэтэн көрүөхпүт диэн эбэн эттэ.  

Кирилл Бычков дойдуга да, өрөспүүбүлүкэҕэ да наадалаах эбийиэккэ тутуу хайдах бара турарын кэрийэ сылдьан көрдө. Үлэ хаачыстыбатыгар, бырайыак докумуонун бары усулуобуйатын тутуһан оҥороллоругар сүрүн болҕомтотун уурда.

СӨ премьерэ эбийиэккэ туран эрэн, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр уонна бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр салайааччыларын кытта суһал мунньаҕы ыытта. Эстакаданы, уу аалларын түһэрэр суолу  оҥорууга, технологическай оборудованиены атыылаһыыга хас да суһал быһаарыы ылылынна.

СӨ бырабыыталыстыбатын баһылыга эбийиэк дойду уонна эрэгийиэн салалтатын болҕомтотун ортотугар баарын санатта.

— СӨ Баһылыга Айсен Николаев Жатайдааҕы судоверфи тутуу бастакы түһүмэҕин бүтэриини түргэтэтэр соругу туруорбута. Арктиканы сайыннарыыга эбийиэк стратегическай суолталаах, — диэн бэлиэтээтэ Кирилл Бычков.

Биллэн турар, кээмэйинэн уонна технология өттүнэн уустугунан баһырхай бырайыак. Ким да ирбэт тоҥҥо маннык эбийиэги тута илигэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэ түргэтээбит, көрүллүбүт болдьоҕун тутуһан баран иһэр диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: