2024 сыл сэтинньитигэр сорох биэнсийэлээхтэргэ төлөбүр үрдүөҕэ
Чох бырамыысыланнаһын үлэһиттэригэр уонна гражданскай авиация сөмөлүөттэригэр көтөр экипаж чилиэннэригэр ыстаастара туолбут буоллаҕына, ону тэҥэ алтынньыга 80 саастарын туолбут дьон биэнсийэлэрэ сэтинньиттэн үрдүөҕэ диэн РАНХиГС үлэ быраабар эспиэрэ Линда Рыжих кэпсээтэ диэн РИА Сонуннара иһитиннэрдэ.
«Биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү хаттаан ааҕыы чох бырамыысыланнаһын үлэһиттэригэр уонна гражданскай авиация сөмөлүөттэрин көтөр экипажтарын чилиэннэригэр сыһыаннаан ахсынньы 1 күнүттэн ыытыллыаҕа, кинилэргэ үлэ ыстааһа эр дьоҥҥо кырата 25 сыл, дьахталларга 20 сыл. Аны туран, доруобуйаларын туругунан үлэни тохтоппут буоллахтарына, ирдэнэр ыстаастарын сыла биэс сылынан кыччаан биэрэр», — диэтэ Линда Рыжих.
Маннык эбии төлөбүрү үөһэ ыйыллыбыт салааҕа үлэлиир дьон сэтинньи ый саҥатыттан ылыахтара. Эспиэр маны таһынан биэнсийэлэригэр эбиини алтынньыга 80 саастарын туолбут дьон ылыахтара. Кинилэр сэтинньигэ аҕам саастарынан ылыахтара, страховой биэнсиэйэлэригэр төлөбүр икки төгүл үрдээн 16,2 тыһ. солк. буолуо. Оттон Уһук Хоту олорор дьоҥҥэ суумата үрдүк буолуо.
Үлэлии сылдьар биэнсийэлээх дьон алтынньыга үлэлэриттэн уурайдахтарына үрдэтиллибит биэнсийэни ылыахтара диэн эспиэр чопчулаан биэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: