Салгыы
2024 сылга 45 тыһыынчаттан тахса оҕо тэрээһиннээх сынньалаҥҥа сырытта

2024 сылга 45 тыһыынчаттан тахса оҕо тэрээһиннээх сынньалаҥҥа сырытта

05.08.2024, 15:30
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтин 6 стационарнай уонна биир күнүскү физкултуурунай-чэбидигирдэр лааҕырыгар иккис сезон түмүктэнэн эрэр.

Барыта 989 оҕо хабылынна, ол иһигэр 201 өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын чилиэнэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Оҕолор Чурапчы, Сунтаар, Хаҥалас, Нам, Алдан уонна Уус Алдан улуустарыгар эрчиллэ таарыйа сынньаннылар. Кинилэр ортолоругар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро аҕыйаҕа суохтар. Маны тэҥэ спортивнай лааҕырдарга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэртэн 109 оҕо сынньанна.

Мындаҕаайыга Д.П.Коркин аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир Чурапчытааҕы  спортивнай интэринээт-орто оскуолатын баазатыгар оҕолор оҕунан ытарга, дуобакка уонна көҥүл тустууга маастарыстыбаларын чочуйдулар

Уус Алдаҥҥа  Өнөр күөл кытыытыгар “Чубучааны” спортивнай базаҕа “Олимп” лааҕыр  44 иитиллээччитэ сынньанна.

Хаҥалас улууһун Үөһээ Бэстээҕэр О.Г. Гребнев аатынан “Лэглэгэр” спортивнай-чэбдигирдэр лааҕырга боксанан уонна дзюдонан дьарыктанар оҕолор эрчиллэ таарыйа сынньаннылар.

Уопуттаах иитээччилэр оҕолорго эрчиллиини тэҥэ сынньалаҥы сөбүнэн көрөн аттаран туруораллар, айылҕаҕа сырытыннараллар, успуорка, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ араас тэрээһиннэри ыыталлар, ЫБММ үлэһиттэринэн маастар-кылаас ыыттараллар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта көрүһүннэрэллэр. “Медасс”, “Омега.Диагностика” аппарааттарга доруобуйаларын туругун 57 спортсмен көрдөрүннэ.

Р.М.Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи училищеларын спортивнай салаатын начаалынньыга Александр Моисеев этэринэн, сүрүн болҕомтолорун уопсай физическэй бэлэмҥэ, спортивнай үөрүйэххэ, патриотическай иитиигэ уураллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: