2024 сылга Хотугу муора суолунан таһаҕаһы тиэйии элбиэн сөп
Бүгүн РФ тырааныспарга миниистирэ Виталий Савельев тырааныспар салаатыгар уонна тырааныспар инфраструктуратыгар судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэрии туһунан “бырабыыталыстыба чааһын” чэрчитинэн ыытыллыбыт сааскы сиэссийэ түмүк пленарнай мунньаҕар дьокутааттарга иһитиннэриэҕэ.
Бу иннинэ биэдэмистибэ салайааччыта “Биир ньыгыл Арассыыйа” фракция чилиэннэрин кытары көрсүһүүгэ аҥаардас былырыын РФ Тырааныспарка министиэристибэтин көҕүлээһининэн 19 федеральнай сокуон ылыллыбытын туһунан иһитиннэрбитэ. Сокуоннар сааҥсыйа усулуобуйатыгар Арассыыйа авиа-хампаанньалара омук салгын судноларын хаалларалларыгар, биисинэс доҕордуу дойдулары кытары логистика ситимин олохтууругар, Хотугу муора суолун үлэтин күүһүрдэргэ көмөлөстүлэр.
РФ Судаарыстыбаннай думатын дьокутаата Галина Данчикова бэлиэтээн эппитинэн, билигин Хотугу муора суола көхтөөхтүк сайдар, Илиҥҥи дойдуларга логистика маршруттарын суһаллык хос көрдүлэр. 2024 сылга таһаҕаһы таһыы кээмэйэ улаатара күүтүллэр.
«Уһук Илин эрэгийиэн олохтоохторо салгынынан көтөллөрүгэр субсидия бырагыраамата бэлиэтэммитэ холбоһуктаах үлэ биир дьоһун суолталаах түгэнинэн буолла. Биһиги дьокутааттары кытары бүддьүөт хаамыытын чэрчитинэн, салгынынан көтүүгэ субсидия бырагырааматын оннунан хаалларарга эрэ буолбакка, үбүлээһини улаатыннарарга салгыы үлэлиибит”, — диэн РФ Судаарыстыбаннай думатын дьокутаата Галина Данчикова кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: