2024 сылга култуура эбийиэктэрэ тэтимнээхтик тутуллуохтара
2024 сылга Саха сиригэр култуура эбийиэктэрин тутууга улахан болҕомто ууруллар. Ол эбэтэр тутуу ыытылла турар эбийиэктэрэ түмүктэнэллэрин сэргэ, саҥа тутуулар эмиэ саҕаланыахтара.
Дьокуускай куоракка тутулла турар Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутууну түмүктүүр сорук турар.
“Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн, 3 эбийиэк: Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр Култуура сайдыытын киинэ, Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр уонна Сунтаар улууһун Кириэстээх сэлиэнньэтигэр Култуура кииннэрэ үлэҕэ киириэхтээхтэр.
Ону таһынан Эдьигээн сэлиэнньэтигэр Этнокултуурунай киин, Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр элбэх хайысхалаах Култуура киинэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах сэлиэнньэтигэр Култуура киинэ тутуллуохтара.
Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Дьокуускайга Муусука Үрдүкү оскуолатын тутуу саҕаланарын эрэнэ күүтэллэр.
(Хаартыскаҕа: Эдьигээн улууһугар тутулла турар Этнокултуура киинэ)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: