2024 сылга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүргэ 1 млрд солкуобай көрүллүөҕэ

Share

Саха сиригэр олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн эрэгийиэннээҕи бырагырааматын олоххо киллэрии чэрчитинэн 2210 эбийиэк тутуллубут.   2024 сыл бүтүүтэ 2549 бырайыак олоххо киирэрэ былааннаммыт. Өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата уонна нэһилиэнньэ холбоһуктаах күүстэринэн олоххо кииирбит бырайыактар уопсай сыаналара 5,3 млрд солк. тэҥнэспит.

Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ үбүн миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев иһитиннэрдэ.

«2024 сылга Саха сирин Бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүргэ туһуланар сууманы улаатыннарда. Урут 500 мөл. солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйыл — 662 мөл. солк. Өскөтүн олохтоох бэйэни салайыныы  уонна спонсордар үптэрин холбоон аахтахха, олохтоох көҕүлээһиннэр бырайыактарын суумата 1 млрд солк. кэриҥэ буолар», — диэн бэлиэтээн эттэ Иван Алексеев.

Ааспыт сылга кыайыылааҕынан 291 бырайыагы биллэрбиттэр, балары олоххо киллэриигэ өйөбүл үп уопсайа 805,6 мөл. тэҥнэспит. Кыттыгас эбии үбүлээһин 244,1 мөл. солк буолбут, ол эбэтэр бырайыактар уопсай сыаналарыттан 30%.

Куонкуруска 2023 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн бырагырааматын үбүлээһиҥҥэ 562 мөл. солк. көрүллүбүт.

Бырайыактары көмүскээһиҥҥэ 2023 сылга 579 тыһ. кэриҥэ киһи кыттыбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар

Бэйэбитин хайдах көрүнэбит?

Самаан сайыны көрсө дьон үксэ, сааһыттан тутулуга суох тупсуон, чэгиэнник, кэрэтик көстүөн баҕарар. Уойбут киһи…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэ ууга барда

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүн түүнүгэр, халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэргэ уу киирэн, тиэргэннэри ылан, Нам…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыт, куоска буолан кубулуналлар

Кутурук иилиммит, сирэйигэр куоска мааскалаах эрдэҕэс саастаах кыыс оҕо оонньуур былаһааккатыгар түөрт атах буолан сылдьарын…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэрин тутуу бэс ыйын 10 күнүгэр түмүктэниэҕэ

Бэҕэһээ, ыам 17 күнүгэр, Амма улууһугар быйыл  ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Доруобай төрүөҕү оҕус биэрэр дуу, пробирка дуу?

Дьылбыт быйыл эрдэлээн иһэр буолан, сайылыктаахтар көһүүлэриттэн саҕалаан, тыа сиригэр үлэ тэтимэ биир кэм оргуйан…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саас уонна күн сибэккитэ

Саас харалдьык саҕана тымныыны, хаары-ардаҕы билиммэккэ нуоҕайа үүнэр кэрэчээн ньургуһун сибэккини хоту сир дьоно олоххо…

4 часа ago