2024 сылга Саха сиригэр 46 мэдиссиинискэй тырааныспар ылылынна
Саха сиригэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрин анал тырааныспарынан хааччыйар үлэ тиһиктээхтик барар. 2024 сылга “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн 46 массыына ылылынна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, массыыналары Үөһээ Халыма улууһун Угольнинскайдааҕы, Дьааҥы улууһун Дулгалаах сэлиэнньэтин, Томпо улууһун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгин врачебнай амбулаториялара, Булуҥ уонна Өлөөн киин улуустааҕы балыыһалара ылбыттар.
Массыыналарнан ыарыһахтары балыыһаҕа, эмчити ыарыһахха илдьэллэрин таһынан, биологическай матырыйааллары чинчийиигэ ыытарга, ыраах олорор нэһилиэктэргэ эми илдьэн биэрэргэ туһаныахтара.
“Саҥа массыыналар кэлэннэр, мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын тупсараллар, эмчит ыарыһахха кэлиитэ түргэтиир. Сэрэтэр кэтээн көрүүлэр, диспансеризация кэмигэр ыытыллаллар, онон ыарыыны түргэнник булан, миэстэтигэр дьону эмтиир кыах үөскүүр”, — диэн бэлиэтээтэ миниистир Лена Афанасьева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: