2024 сылга Саха сиригэр 46 мэдиссиинискэй тырааныспар ылылынна

Share

Саха сиригэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрин анал тырааныспарынан хааччыйар үлэ тиһиктээхтик барар. 2024 сылга “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн 46 массыына ылылынна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, массыыналары Үөһээ Халыма  улууһун Угольнинскайдааҕы, Дьааҥы улууһун Дулгалаах сэлиэнньэтин, Томпо улууһун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгин врачебнай амбулаториялара, Булуҥ уонна Өлөөн киин улуустааҕы балыыһалара ылбыттар.

Массыыналарнан ыарыһахтары балыыһаҕа, эмчити ыарыһахха илдьэллэрин таһынан, биологическай матырыйааллары чинчийиигэ ыытарга, ыраах олорор нэһилиэктэргэ эми илдьэн биэрэргэ туһаныахтара.

“Саҥа массыыналар кэлэннэр, мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын тупсараллар, эмчит ыарыһахха кэлиитэ түргэтиир. Сэрэтэр кэтээн көрүүлэр, диспансеризация кэмигэр ыытыллаллар, онон ыарыыны түргэнник булан, миэстэтигэр дьону эмтиир кыах үөскүүр”, — диэн бэлиэтээтэ миниистир Лена Афанасьева.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

4 часа ago