Мария Васильева хаартыската
Кэлэр сылга Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин кэриҥин үрдэтии туһунан, бүгүн, ахсынньы 20 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар көрдүлэр диэн Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
2024 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 23 334 солк. тэҥнэһиэҕэ. Нэһилиэнньэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык быһаарылынна: үлэлиир кыахтаах дьоҥҥо — 25 434 солк.; биэнсийэлээхтэргэ — 20 067 солк.; оҕолорго – 23 801 солк. Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, кыра дохуоттаах дьоҥҥо судаарыстыбаннай социальнай көмөнү уонна эрэгийиэннээҕи социальнай бырагыраамалары оҥорууга, олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын сыаналыырга туһаныллар.
Уураах тохсунньу 1 күнүттэн 2024 с. күүһүгэр киирэр. Маннык быһаарыыны ылыныы үлэ-хамнас сыһыаннаһыыларын сүрүннүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи үс өрүттээх хамыыһыйа этиитин учуоттаан ылылынна.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …