2024 сылга Саха сирин 53 тыһыынча олохтооҕо чэпчэтиилээх авиа-билиэтинэн туһанна
2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн авиа-тиэйиини субсидиялааһын уопсай кээмэйэ 1 млрд солк. таҕыста. Ол 53,4 тыһ.пассажир чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанарыгар көмөлөстө.
Бу туһунан Саха сирин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин кэллиэгийэтигэр эттилэр.
Арктика оройуоннарыгар 32,1 тыһ.пассажир маннык билиэтинэн көттө.
Уопсайа «АЛРОСА», «Полярные авиалинии», «Якутия» авиахампаанньаларга 2024 сыл түмүгүнэн 1168875 пассажир тиэллиэҕэ уонна 6948 туонна таһаҕас уонна буоста.
Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Арктикаҕа субсидиялаах билиэт кээмэйин оннунан хаалларар туһунан эппитэ.
«Төһө да бүддьүөт уустугун иһин, хоту дойду олохтоохторун өйөөһүн ситиһиллибит таһымын аччатар табыллыбат. Онон Бырабыыталыстыбаҕа 2025 сылга бастакы аҥаарыгар инфляцияны учуоттаан, бу сыл таһымыттан намыһаҕа суох авиациянан тиэйиини субсидиялааһын кээмэйин тиэрдэр боппуруоһу быһаарарга көрдөһөбүн,— диэбитэ Ил Дархан Анал этиитигэр.
Санаттахха, икки сыллааҕыта Айсен Николаев Арктика оройуоннарыгар субсидиялааһын бырагырааматын кэҥэппитэ. Бырагырааманы үбүлээһиҥҥэ 600 мөл солк. ыытыллыбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: