2024 сылга Саха сирин сэлиэнньэлэригэр 120-ттэн тахсан киинэ саала аһыллыаҕа

Share

«Экстра синема» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Петр Чиряев «Цифровой алмаас» пуорум кэмигэр эһиил өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэригэр 120-ттэн тахсан киинэ саалата аһылларын туһунан иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.

«Кэлэр сылга Национальнай технологическай көҕүлээһиннэр пуондаларын өйөбүлүнэн биһиги өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар өссө 123 киинэ саалын тэрийиэхпит. Оччотугар үгүс олохтоох биһиги технологиябытын туһанан киинэни улахан экрааҥҥа көрөр кыахтаныаҕа», — диир кини.

Петр Чиряев бэлиэтээн эппитинэн, эрэгийиэн кыра нэһилиэнньэлээх пууннарыгар пилотнай эрэсииминэн 27 саала оҥоһуллубут, нэһилиэк олохтоохторо сэбиэскэй кэм кэнниттэн киинэҕэ дьэ сылдьар кыахтаммыттар. Кинилэргэ киинэлэри эрэ буолбакка, операны эмиэ көрдөрөллөр.

«Экстра синема» хампаанньа кинопроекторынан хааччыйар пилотнай бырайыага 2022 сыллаахха саҕаламмыта. Бу проектор нэһилиэк кулууптарыгар анаан оҥоһуллубут, ол эрээри улахан саалаларга, университеттарга, култуура дьиэлэригэр эмиэ туһаныллыан сөптөөх.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago