Салгыы
2024 сылтан страховой биэнсийэ үрдүөҕэ

2024 сылтан страховой биэнсийэ үрдүөҕэ

15.11.2023, 13:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Госдуума пленарнай мунньаҕар дьокутааттар кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэҕэ бигэргэммит төлөбүр кээмэйин үрдэтэр туһунан сокуон барылын  иккис, үһүс ааҕыытыгар тута ылыннылар. Ону тэҥэ биэнсийэ биир коэффициенын үрдэтэр туһунан быһаарыы ылыннылар диэн ТАСС суруйар.

Сокуон барылын Госдуумаҕа балаҕан ыйыгар киллэрбиттэрэ. Бу сокуоҥҥа кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэҕэ бигэргэммит төлөбүр кээмэйин 8134 солкуобайга диэри үрдэтэр туһунан этиллэр. 2023 сылга маннык төлөбүр кээмэйэ 7567 солкуобайга тэҥнэһэр.

Биэнсийэ коэффициена страховой биэнсийэ кээмэйин ааҕарга туһаныллар. 2023 сылга 123,8 солкуобайга тэҥнэһэр, 2024 сылга — 133,1 солкуобай буолуохтаах.

Бу миэрэлэр биэнсийэ үрдээһинэ инфляция таһымыттан намыһах буолбатын хааччыйаллар. Госдуума спикерэ Вячеслав Володин этэринэн, бу саҥа сокуон чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньутуттан кырдьар сааһынан тахсар страховой биэнсийэ кээмэйэ 7,5% үрдүөҕэ, бу 32 мөлүйүөн киһини таарыйыаҕа. Бу иннинэ биэнсийэни үрдэтэр туһунан бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудах биэрбитэ.

Володин этэринэн, 2024 сылга биэнсийэ үрдээһинигэр туһуланар эбии ороскуот 323 миллиард солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

+1
7
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: