2025 сыл 11 ыйын устатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 13,3 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэммит
2025 сыл 11 ыйын устатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 13,3 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэммит (+8,0 %, 12,3 тыһыынча). Саамай элбэх буруй өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар оҥоһуллубут (7683) диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Киһини өлөрүү уонна өлөрүүгэ холонуу 11,3 % үрдээбит – 71-тэн 79-ка диэри. Ону тэҥэ эмсэҕэлээччини өлүүгэ тириэрдибит буруйу оҥоруу түбэлтэлэрэ 20 % аҕыйаабыт (50-тэн 40-ҥа диэри).
Баайга-дуолга сыһыаннаах буруйу оҥоруу ахсаана 10,6 % намтаабыт. Бу көрдөрүү намтаабытын да үрдүнэн, син биир буруйу оҥоруу ахсаанын аҥаарын кэриэтэ ылар – 40 %. Ол иһигэр: уоруу – 2119, халааһын – 74, талааһын – 6, күһэйэн туран ылыы – 40, күрэтии – 147, түөкүннээһин – 2657.
Ол гынан баран, баайга-дуолга сыһыаннаах буруйу оҥоруу саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн түөкүннээһин буолар. Мобильнай түөкүттэр дьайыыларыттан өрөспүүбүлүкэ 2037 олохтооҕо эмсэҕэлээбит. Кинилэргэ оҥоһуллубут хоромньу 786 мөл. солкуобайы куоһарар.
Быраап уорганнара экэнэмиичэскэй хайысхалаах 654 буруй, коррупционнай характердаах 235 буруй оҥоһуллубутун быһаарбыттар.
Буруйу оҥоруу 15 %-тан тахсата уопсастыбаннай миэстэлэргэ оҥоһуллубут. Ол гынан баран, уулуссаҕа тахсар буруйу оҥоруу ахсаана 17 % аҕыйаабыт (1718-тан 1426-ҕа диэри). Маннык буруйу оҥоруу аҥаарын кэриэтэ киин куоракка тахсыбыта бэлиэтэммит (956).
Социальнай-криминологическай анаалыс көрдөрөрүнэн, буруйу оҥоруу үс гыммыт биирэ 33,4 % итирик туруктаах сылдьан оҥоһуллубут. Ол эрээри бу өттүгэр 7,4 % намтааһын эмиэ бэлиэтэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: