2025 сыл билгэтэ: “Сайын диэки дьайыыбыт уҕарыйыа”

Share

Сыл бүтүүтэ түмүктэри таһаараллар, кэлэр сыл хайдах буолуоҕун билгэлээн көрөллөр. Дьэ, 2025 сыл хайдах буолуоҕай, тугу тосхойуоҕай? Туох үтүө, мөкү өрүттээх буолуоҕай? Ону билээри, көрбүөччүлэртэн, билгэһиттэртэн ыйыталастыбыт.

Татьяна Захарова-Татыйык, билгэһит, көрбүөччү:

– Дуоллар эмискэ үрдүүр, онтон сыыйа түһэн барыаҕа, 20-чэ бырыһыан кыччыаҕа дии саныыбын. Интэриниэтинэн үлэ элбиэҕэ, төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ бырагырааманы оҥорор дьон элбэх харчыланыахтара. Ити хайысха биһиэхэ эмиэ сайдыаҕа.

Кытай уонна Арассыыйа үчүгэй сыһыаннаахтар, бииргэ үлэлэһэн, дуоллары түһэриэхтэрэ. Юань тахсыахтаах, дуоллар түһүөхтээх диэн. Массыынаны ыытарга элэктэриичэстибэни туһанар буоллулар, онно Кытай бастакы миэстэҕэ сылдьар. Ону сырсан, атын судаарыстыбалар элэктэриичэстибэ эниэрги­йэтинэн барар массыыналары эмиэ оҥорор буолуох­тара.

Оччоҕо ньиэп сыаната кыратык түһүөҕэ, таһаҕаһы тиэйии, барыы-кэлии сыаната кыратык чэпчиэҕэ. Ньиэмэстэр наһаа үчүгэй массыыналары оҥорор эбит буоллахтарына, кинилэр билигин кыратык хааллылар. Барытыгар Кытай бастакы сылдьар, ол эрээри, кинилэр истэригэр эмиэ кириисис баар. Кирэдьиит бөҕө ылаллар быһыылаах, дьонноругар төлүүр кыахтара, хамнас биэрэллэрэ аҕыйыыр. Ол да буоллар, кытайдар син биир сайда тураллар, элбииллэр.

Оттон Арассыыйаҕа байыаннай дьайыыбыт уҕараан барыахтаах. Сайын диэки аҕыйыыра буолуо, балаҕан ыйыгар бүтүөхтээх.

Саха сиригэр элбэх тутуу, суолу оҥоруу ыытыллыаҕа. Биир өттүнэн сайдыы курдук, атын өттүнэн, ойууру кэрдии, баһаардар син биир буолаллар. Арассыыйа биһиги сирбитин, улахан тэрилтэлэрбитин баһылаан иһэр, ол өссө салҕанар. Саха сирэ бэйэтэ бас билэрэ аҕыйаатар аҕыйаан иһэр курдук. 2025 сылга бэйэ бас билиитин көмүскээн сокуоннары ылыныы билиҥҥитэ суох. Ол кэнниттэн, 2026-
2027 сс. итиннэ үлэ күүскэ барыаҕа.

Билигин да сэрэхтээх буолуохха наада, элбэх киһи мунньустар сиригэр ол-бу эстии өссө да буолуоҕа. Кэлэр сылга, хаардаах кэмҥэ, Арассыыйа ханнык эрэ куоратыгар эстии буолуон сөп.

Саха сиригэр саас уу кэлиитигэр былырыын ханнык эрэ дэриэбинэлэри күүскэ ылбытын курдук, син биир ылыаҕа. Сайын баһаар да баар. Маһы кэрдиини утарса сатыыллар да, син биир таһаара тураллар. Үчүгэй суолу-ииһи оҥороллор.

Дьиэ-уот сыаната үрдүү турар, кэлэр сыл бүтүүтэ кыратык түһүөҕэ. Ол иһин дьон дьиэ ыларга интэриэ­һэ син биир баар.

Дьону саататарга, санаатын көтөҕөргө, култуура өттүгэр үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Босхо үөрэх ыараан иһэр курдук буолла. Урукку курдук, үрдүк үөрэххэ ыллыҥ да, киирэн хаалбаккын. Оттон төлөбүрдээх үөрэхтэр өссө элбиэхтэрэ. Эппитим курдук, интэриниэтинэн, ситиминэн үлэ, өй үлэтэ күүскэ сайдыаҕа.

Байыаннай дьайыыттан кэлбит уолаттарга туһаа­йан этиэхпин баҕарабын. Итиччэ үлүгэр өлүүнү-сүтүүнү көрбүт дьон көҥүлгэ кэлэн баран, бэйэ бодотун тардынан, үчүгэйгэ тардыстыннар, хом санааларын истэригэр тута сылдьыбакка, чөлгө түһэрэр, эмтиир кииннэргэ, психологтарга сылдьан, көмөнү ылан, бэриллэр кыаҕы туһанныннар диэн этиэхпин баҕарабын. Киэҥ көҕүстээх буоллуннар, бэйэлэрин туттуна сырыттыннар.

“Арчы дьиэтигэр” “Сандаар” түмсүү байыаннай дьайыыга барар уолаттары кытта үлэлэһэ олоробут. Элбэх киһи биһиэхэ кэлэр. Олохторун булуналларыгар, санааларын сааһыланалларыгар, ыраастаналларыгар көмөлөһөбүт.

Үүнэн эрэр Саҥа дьылга Саха сирин олохтоохторо чэгиэн, чөл сырыттыннар, аймахтаһыыны бөҕөргөтөн, ылсан-бэрсэн, өбүгэлэрин билэн, сүгүрүйэн, бөҕө туруктаах буоллуннар!

Хаартыска: Татьяна Захарова-Татыйык тус архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
46
+1
1
+1
1
+1
0
+1
5
+1
4
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

13 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

14 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

15 часов ago