2025 сылга 280 эдэр ыал олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыаҕа
СӨ Тутууга министиэристибэтэ эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйарга муниципальнай тэриллиилэргэ ыыппыт куонкуруһунан талан ылыытын түмүктээтэ.
Ол түмүгэр 33 муниципальнай тэриллиигэ уонна 2 куорат уокуругар үбүлээһин көрүллэр буолла.
Социальнай өйөбүл көмөтүнэн 2025 сылга 280-ча эдэр ыал олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарар кыахтаныахтара. Төлөбүрдэр дьиэ сыанатыттан 30-35% ылыахтара уонна атыылаһыыга эбэтэр дьиэни туттууга туһаныллыахтарын сөп. Сертификаттары туттарыы 2025 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри СӨ Бырабыыталыстыбатын сыллааҕы Отчуотун кэмигэр былааннанар.
“Быйыл эдэр ыаллары өйүүргэ 457,3 мөлүйүөн көрүлүннэ, онтон 131 мөлүйүөнтэн тахсата федеральнай бүддьүөттэн, ордуга өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бүддьүөттэн киирдэ. Кэнники биэс сылга 2,4 тыһыынча кэриҥэ эдэр ыал олорор дьиэни атыылаһар эбэтэр тутар кыахтанна», — диэн бэлиэтээтэ СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов.
Эрэгийиэҥҥэ “Хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраама олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыахтарын баҕарар дьону өйүүр сыаллаах. Үбүнэн көмөлөһүү маннык дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллар, кэргэнниилэр (эбэтэр аҥардас төрөппүт) дьиэҕэ-уокка наадыйар диэн учуокка турар буоллахтарына, 35 саастарын туола илик буолуохтаахтар, диэн иһитиннэрэр СӨ Тутуу министиэристибэтин тг-ханаала.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: