2025 сылга бастакы уонна иккис оҕоҕо ийэ хапытаалын кээмэйэ үрдүүр
2025 сылга иккис оҕоҕо ийэ хапытаала 900 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыа.
Ол курдук, кэлэр сылтан ийэ хапытаалын кээмэйэ 7,3%-нан индексацияланар. Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтин баһылыга Антон Котяков Госдуумаҕа Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ. Антон Котяков эһиил ийэ хапытаала хайдах индексацияланарын туһунан быһаарда.
Бастакы оҕоҕо, кини этэринэн, ийэ хапытаала 46 тыһыынча солкуобайынан улаатыаҕа уонна 677 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ, иккис оҕоҕо — 61 тыһыынча солкуобай эбиллиэ уонна 894 тыһыынча солкуобай үрдээбитинэн ааҕыллыа. Маннык үрдээбитинэн ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо өйөбүлү туһамматах дьиэ кэргэҥҥэ ананыаҕа.
Ийэ хапытаалын кээмэйэ сылын ахсын олунньу 1 күнүгэр инфляция кээмэйинэн индексацияланар, ол курдук эһиил 7,3% улаатар.
Санатар буоллахха, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаала оҕо төрүүр кэмигэр Арассыыйа гражданнарыгар эрэ төлөнөр уонна ол эрэ түбэлтэтигэр саҥа төрөөбүт оҕо РФ гражданина буолар. Сэртипикээт харчытын сокуонунан көрүллүбүт сыалга эрэ туһаныахха сөп. Чуолаан, дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга, оҕолору үөрэхтээһиҥҥэ, биир төрөппүт биэнсийэтин мунньунууга, о.д.а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: