2025 сылга бастакы уонна иккис оҕоҕо ийэ хапытаалын кээмэйэ үрдүүр

Share

2025 сылга иккис оҕоҕо ийэ хапытаала 900 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыа.

Ол курдук, кэлэр сылтан ийэ хапытаалын кээмэйэ 7,3%-нан индексацияланар. Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтин баһылыга Антон Котяков Госдуумаҕа Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ. Антон Котяков эһиил ийэ хапытаала хайдах индексацияланарын туһунан быһаарда.

Бастакы оҕоҕо, кини этэринэн, ийэ хапытаала 46 тыһыынча солкуобайынан улаатыаҕа уонна 677 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ, иккис оҕоҕо — 61 тыһыынча солкуобай эбиллиэ уонна 894 тыһыынча солкуобай үрдээбитинэн ааҕыллыа. Маннык үрдээбитинэн ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо өйөбүлү туһамматах дьиэ кэргэҥҥэ ананыаҕа.

Ийэ хапытаалын кээмэйэ сылын ахсын олунньу 1 күнүгэр инфляция кээмэйинэн индексацияланар, ол курдук эһиил 7,3% улаатар.

Санатар буоллахха, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаала оҕо төрүүр кэмигэр Арассыыйа гражданнарыгар эрэ төлөнөр уонна ол эрэ түбэлтэтигэр саҥа төрөөбүт оҕо РФ гражданина буолар. Сэртипикээт харчытын сокуонунан көрүллүбүт сыалга эрэ туһаныахха сөп. Чуолаан, дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга, оҕолору үөрэхтээһиҥҥэ, биир төрөппүт  биэнсийэтин мунньунууга, о.д.а.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ

2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэлээх оҕону иитэригэр эбии төлөбүр көрүллэр

Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…

31 минута ago
  • Сонуннар

Сабина Кушевская: «Биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

47 минут ago
  • Сонуннар

Оҕо атаҕастабылын эрдэттэн бохсуохха!

Бу күннэргэ Дьокуускайга  уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…

50 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

100-тэн тахса психолог түмүстэ

Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…

54 минуты ago