Хаартыска -- Мария Васильева / СИА
2025 сылга үлэлиир да, үлэлээбэт да биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ. Төһө үрдүөҕэй?
Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ икки төгүл: олунньуга (4,5%) уонна муус устарга (2,2%) үрдүөҕэ. Онон 2025 сылга уопсайа 6,7% үрдүүрэ күүтүллэр. Бу өр сылга тохтотулла сылдьыбыт индексация буолар.
Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ сыллата инфляция таһымынан индексацияланар. 2024 сыл тохсунньутугар страховой биэнсийэлэрэ 7,5% үрдээбитэ.
Оттон социальнай биэнсийэ 2025 сылга 9,5%, 2026 сылга — 10,3% үрдүөхтээх.
Биэнсийэ баала эмиэ үрдүүрэ күүтүллэр. Олунньуга 139,04 солкуобайга, муус устарга 142,1 солкуобайга, 2026 сылга 151,18 солкуобайга тиийиэҕэ.
Арассыыйа үрдүнэн 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Социальнай пуонда индексацияны бэйэтэ оҥорор уонна биэнсийэлээхтэргэ тиэрдэр. Социальнай биэнсийэни инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго, үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо биэрэллэр.
Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйигэр диэри эбии төлүүр. Ону ыларга булгуччу социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньа биэриэххэ наада.
Сыл түмүгүнэн үтүө үгэһинэн, сылын ахсын Оһуокай ыһыаҕа ыытыллар. Быйылгы Оһуокай ыһыаҕа от ыйын 12…
Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Петр Константинович Яковлев 100 сааһын туолуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээтилэр.…
Хаһаайыстыбаннай мыыла туһата элбэх эбит. Аҥардас таҥас сууйарга эрэ буолбакка, хаһаайыстыбаҕа барытыгар туһаныахха сөп эбит.…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай таҥас кэтиитигэр уларыйыы киллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаата. Докумуон быраап…
Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ ыытыллыбыт күрэс төрүт көрүҥнэригэр XXII “Манчаары оонньууларын” уопсай хамаанданан түмүктэрэ билиннэ. …
От ыйын 10 күнүгэр XXII-с Манчаары оонньууларын чэрчитинэн Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Чөркөөх түмэлигэр «Манчаары…