Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста.
Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ, ол иһигэр Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ халаан уутуттан уонна улахан уу хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууну хайдах көмүскүүр туһунан кэпсэттилэр.
Бу туһунан Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ бассейновай управлениетын салайааччыта Петр Аргунов иһитиннэрдэ. Сэбиэт иһинэн Саха сирэ эрэ буолбакка, Бурятия, Иркутскай, Амурскай уонна Читинскэй уобаластар, Хабаровскай кыраай бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр.
«Уу эбийиэктэрин куһаҕан сабыдыалларын уонна улахан уу хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин олоххо киллэриигэ нэһилиэнньэни харыстааһын боппуруостарын дьүүллэстибит. Эһиил Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутуу барара былааннанар. Үбүлээһин баар түгэнигэр Нам оройуонугар Граф биэрэгин гидротехническай тутууларын саҥардыахпыт уонна Бүлүүгэ биэрэги бөҕөргөтөр тутууларын ыытыахпыт — сметнэй сыаната 1,2 млрд солк. буолар. Субвенциялар лииниьийэлэринэн биһиги Саха сирин өрүстэригэр халаан уутун утары тэрээһиннэри ыытабыт. Эһиил бу үлэҕэ 16,7 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Барыта 28 мөл. солк. суумалаах тэрээһиннэр былааннаммыттар», — диэн кэпсээтэ Петр Аргунов.
Быйыл Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Бүлүү өрүскэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэр түмүктэннилэр. Тутуу Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтин лииньийэтинэн 700 мөл. солк. тахса суумалаах федеральнай бүддьүөт суотугар ыытылынна.
Петр Аргунов бэлиэтээбитинэн, 2025 сылга Саха сирэ уустук халаан кэлэрэ күүтүллэр: «Билигин уу эбийиэктэрэ мууһунан бүрүллэр. Муус халыҥа уонна хаарын саппааһа муус устар ыйга диэри улаатыаҕа. Мин сэтинньи 20- с чыыһылатыгар Ленскэй оройуонугар муус өр турбатаҕын кэтээн көрбүппүттэн олус дьиксинэбин. Уопсайынан, аны саас муус кээмэйинэн олус элбэх буолуон сөп. Ону таһынан Саха сирин арҕаа өттүгэр сорох кыра уонна орто уу эбийиэктэрэ күһүҥҥэ диэри тоҥмотохторо», – диэн эбэн эттэ.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…