Салгыы
2025 сылга дьиэ кэргэн ипотекатыгар бэриллэр лимиит 2,4 трлн солк. улаатыаҕа

2025 сылга дьиэ кэргэн ипотекатыгар бэриллэр лимиит 2,4 трлн солк. улаатыаҕа

27.11.2024, 13:30
Хаартыска -- СИА.
Бөлөххө киир:

Билигин сыл бүтүөр диэри 6,25 трлн солк. кээмэйдээх уопсай лимиит үлэлии турар, манна бааннар ситэ туттубакка сылдьар 390 млрд солк. эмиэ киирэ сылдьар, диэн РФ Үп министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бу 2024 сылга бааннар ситэ туттубатах лимииттэрин “ДОМ.РФ” бырагыраама эпэрээтэрэ төһө наадыйыы баарынан көрөн, бааннар икки ардыларыгар тарҕатан биэриэҕэ, диэн биэдэмистибэҕэ эттилэр.

Маны тэҥэ ахсынньы 15 күнүттэн дьиэ кэргэн  ипотекатыгар бэриллэр лимиити түҥэтиигэ саҥа систиэмэ киириэҕэ. Ол курдук ситэ туттуллубакка хаалбыт лимиит баар буоллаҕына, саҥа мэхэньиисим киирэн, кирэдьиити бааннарынан автоматическай кыаҕынан бэрдэттэриэ.

Үп миниистирэ Антон Силуанов дьиэ кэргэн ипотекатын үбүлүүргэ проблема суох диэн этэн турар. Бырагыраама 6%-наах ыстаапката оннунан хаалбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: