2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдүөҕэ
2025 сылга «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдээн, 316 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ.
— Өрөспүүбүлүкэ эһиилги бүддьүөтэ бигэргэннэ. Бүддьүөт, буоларын курдук, социальнай хайысхатын сүтэрбэт. Социальнай эбэһээтэлистибэлэри толору толоруу инники күөҥҥэ тутуллар. Онон 2025 сылга үлэ министиэристибэтин хайысхатынан төлөнөр социальнай төлөбүрдэр бары индексацияланыахтара, — диэн миниистир эттэ.
2024 сылга, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар, Ил Дархан быһаарыытынан, «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Оттон 2025 сылга индексацияланан, 316 тыһыынча солкуобай буолуоҕа.
Маны тэҥэ, «100 сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал суумата эмиэ индексацияланан, 116 тыһыынча 756 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Быйылгы суумата — 110 тыһыынча 775 солкуобай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: