2025 сылга ийэ хапытаала 676 тыһ. солк. тиийиэ
2025 сылтан индексация кэнниттэн ийэ хапытаалын кээмэйэ 676 тыһыынча солкуобайга тиийиэҕэ.
Ити туһунан Социальнай пуонда бүддьүөтүн туһунан сокуоҥҥа бу сыл сэтинньи 30 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыта.
2025 сылга бу сыалга 536,7 миллиард солкуобайтан тахса үп-харчы көрүлүннэ. Иккис оҕоҕо суумата 894 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, уопсайа 1,3 мөлүйүөнтэн тахса Арассыыйа дьиэ кэргэттэригэр ананыа. 2026 сылга бастакы оҕоҕо 706,8 тыһыынча солкуобай, 2027 сылга — 735,1 тыһыынча солкуобай төлөнөр.
Ону кытта 7,3 бырыһыан страховой биэнсийэни үрдэтиэхтэрэ: тохсунньу 1 күнүттэн 24 тыһ. солк. буолуо. Биэнсийэни 42 мөлүйүөн киһи ылыаҕа. Социальнай биэнсийэни эмиэ индексациялыахтара, ол эрээри 2025 сыл муус устар 1 күнүттэн — 14,5%.
Уопсайынан Социальнай пуонда дохуота эһиил 16,6 триллион солкуобай, эбэтэр дойду ис баалабай бородууктатын 7,7 бырыһыаныттан куоһарыа. Ороскуота 17 триллион солкуобайга чугаһыыр, ол эбэтэр ис баалабай бородууктата 7,9 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: