2025 сылга Саха сиригэр ханнык быыбар ыытылларый?
Былырыын Саха сиригэр быыбар иккитэ буолан ааспыта. Кулун тутар ыйга быыбардааччылар дойду Бэрэсидьиэнин талбыттара, оттон балаҕан ыйыгар араас таһымнаах дьокутааттар быыбардара буолан ааспыттара.
Бу сылга быыбардар олунньуга уонна балаҕан ыйыгар ыытыллыахтара. 2025 сыл Саха сиригэр маассабай муниципальнай быыбардарын сылынан буолуоҕа. 2020 сылга талыллыбыт нэһилиэк баһылыктарын уонна дьокутааттарын боломуочуйаларын болдьохторо түмүктэнэр. Бу кыһын, олунньу ыйга, бастакы быыбардар буолуохтара. Олунньу 16 күнүгэр Саха сиригэр 6 баһылык уонна 9 дьокутаат талыллыахтара. Бу туһунан Киин быыбардыыр хамыыһыйатын пресс-сулууспата суруйар.
Ол курдук, Алдан оройуонугар олунньу 16 күнүгэр Ленинскай бөһүөлэгин баһылыгын болдьоҕун иннинэ талыахтара. Оттон күһүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, анаммыт биир кэлим куоластааһын күнүгэр Саха сиригэр 30 улууһунан 194 быыбар буолар. Бу күн 92 куорат, бөһүөлэк уонна сэлиэнньэ баһылыктара, чуолаан Алдан куорат, Аллараа Кураанах, Бөллөөт нэһилиэктэр баһылыктара быһаарыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: