Былырыын Саха сиригэр быыбар иккитэ буолан ааспыта. Кулун тутар ыйга быыбардааччылар дойду Бэрэсидьиэнин талбыттара, оттон балаҕан ыйыгар араас таһымнаах дьокутааттар быыбардара буолан ааспыттара.
Бу сылга быыбардар олунньуга уонна балаҕан ыйыгар ыытыллыахтара. 2025 сыл Саха сиригэр маассабай муниципальнай быыбардарын сылынан буолуоҕа. 2020 сылга талыллыбыт нэһилиэк баһылыктарын уонна дьокутааттарын боломуочуйаларын болдьохторо түмүктэнэр. Бу кыһын, олунньу ыйга, бастакы быыбардар буолуохтара. Олунньу 16 күнүгэр Саха сиригэр 6 баһылык уонна 9 дьокутаат талыллыахтара. Бу туһунан Киин быыбардыыр хамыыһыйатын пресс-сулууспата суруйар.
Ол курдук, Алдан оройуонугар олунньу 16 күнүгэр Ленинскай бөһүөлэгин баһылыгын болдьоҕун иннинэ талыахтара. Оттон күһүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, анаммыт биир кэлим куоластааһын күнүгэр Саха сиригэр 30 улууһунан 194 быыбар буолар. Бу күн 92 куорат, бөһүөлэк уонна сэлиэнньэ баһылыктара, чуолаан Алдан куорат, Аллараа Кураанах, Бөллөөт нэһилиэктэр баһылыктара быһаарыллыахтара.
Быйыл биир кэлим эксээмэни туттарааччылар олунньу 1 күнүгэр диэри сайабалыанньаларын биэриэхтээхтэрин туһунан Үөрэҕи, билими кэтээн…
Дьокуускай куорат борокуратууратын ирдэбилинэн 57 саастаах эр киһи холуобунай дьыалатыгар суут судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Кини алҕас киһини…
Үүммүт 2025 сылга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга…
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа 2-12 саастаах оҕолорго 50 бырыһыан чэпчэтиилээх билиэти биэриини…
Таһырдьа тахсааты кытта тохсунньу тумана “кууһа” түһэр, эбиитин күнэ суох буолан эппит-сииммит утуйуон, сынньаныан баҕарар,…
Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин олохтоохторо эдэрдиин-эмэнниин бары тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кыттар дьон. Ол да иһин…