Быйыл офтальмолог быраастар биригээдэтэ ханнык оройуоннарга сылдьалларый?
18.01.2025, 15:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Норуот дьокутаата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан 2025 сылга Саха сирин офтальмологтара Ил Дархан Айсен Николаев икки сыл анараа өттүгэр көҕүлээбит «Мобильнай быраас» бырайыак чэрчитинэн ханнык оройуоннарга сылдьалларын туһунан иһитиннэрдэ.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ көһө сылдьар биригээдэлэр үлэлэрин кыраапыгын бигэргэппит. Ол курдук, тохсунньуга офтальмологтар Мэҥэ Хаҥалас оройуонун олохтоохторун көрүөхтэрэ, олунньуга Уус Маайа уонна Таатта оройуоннарыгар сылдьаллара былааннанар.
Былаан быһытыынан быраастар сырыыларын кыраапыга:
- Мэҥэ Хаҥалас – тохсунньу;
- Уус Маайа, Таатта – олунньу;
- Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Чурапчы, Амма – кулун тутар;
- Аллайыаха, Алдан, Нерюнгри – муус устар;
- Горнай, Булуҥ – ыам ыйа;
- Эдьигээн, Өлүөхүмэ – бэс ыйа;
- Алдан, Нерюнгри – иккис сырыы – атырдьах ыйа;
- Чурапчы – иккис сырыы, Томпо, Уус Алдан, Мииринэй – балаҕан ыйа;
- Ленскэй, Үөһээ Халыма – алтынньы;
- Хаҥалас, Эбээн Бытантай – сэтинньи.
Ону тэҥэ Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр быраастар үлэлэрэ салҕанан барыаҕа.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: