2025 сылга суоппар быраабын туох иһин быһалларый?

Share

Суоппар быраабын быһыы —  саамай кытаанах административнай накаастабыл. Маннык миэрэ суол быраабылатын улаханнык кэһии иһин аныыллар: холобур, суоппар итирик туруктаах уруулга олордоҕуна эбэтэр нүөмэрэ суох массыынаны сүүрдэр түгэнигэр.

Манна биири өйдүүр наада — суоппар быраабын судьуйа эрэ быһар. Суут уурааҕын кэнниттэн үс күн устата суоппар дастабырыанньатын ГАИ отделениетыгар илдьэн туттарыахтаах. Онуоха диэри суоппар массыынаны ыытар бырааптах. Иниспиэктэр бу киһини тырааныспары ыытарын кылгас болдьоххо тохтотор бырааптанар, холобур, итирик буолар түгэнигэр.

Суоппар быраабын туох иһин быһыахтарын сөбүй?

  • Учуокка туруоруллубатах тырааныспарга хас да төгүл уруулга олорбутун иһин — 1 ыйтан 3 ыйга диэри;
  • Тырааныспары нүөмэрэ суох сүүрдүү — 1 ыйтан 3 ыйга диэри;
  • Тырааныспар нүөмэрин кистээһин — 1 ыйтан 1,5 ыйга диэри;
  • Сымыйа нүөмэри иилинии уонна тырааныспары сүүрдүү — 6 ыйтан 1 сылга диэри;
  • Тырааныспар иннигэр уоту тэйитэр кыһыл уоту иилинии — 6 ыйтан 1 сылга диэри;
  • Итирик туруктаах уруулга олоруу эбэтэр атын итирик туруктаах суоппарга уруулу биэрии — 1,5 сылтан 2 сылга диэри;
  • 60-тан 80 км/ч диэри түргэнник сүүрдүү — 4 ыйтан 6 ыйга диэри;
  • 80 км/ч ордук түргэнник сүүрдүү — 6 ый;
  • Анал сулууспа сигналын уонна бэлиэлэрин көҥүлэ суох иилинии — 1 сылтан 1,5 сылга диэри;
  • Түүҥҥү өттүгэр оҕолору таһыыга сокуон ирдэбил кэһии — 4 ыйтан 6 ыйга диэри;
  • Суһал сулууспа тырааныспарын аһардыбат буолуу — 3 ыйтан 1 сылга диэри;
  • Киһи доруобуйатын эчэтии — 1 сылтан 1,5 сылга диэри;
  • Киһи доруобуйатын орто ыараханнык эчэтии — 1,5 сылтан 2 сылга диэри;
  • Мэдиссиинэ көрүүтүттэн аккаастаныы — 1,5 сылтан 2 сылга диэри;
  • Саахал тахсыбыт сирин хаалларыы — 1 сылтан 1,5 сылга диэри;
  • Утары балаһаҕа тахсан биэрии, утары суолунан айаннааһын — 4 ыйтан 6 ыйга диэри;
  • Тимир суолга тахсан биэрии, кыһыл уокка айаннааһын — 3 ыйтан 6 ыйга диэри;
  • Докумуона суох кутталлаах таһаҕаһы тиэйии, таһыы -4 ыйтан 6 ыйга диэри.

Сорох быраабыланы кэһиилэргэ тута дастабырыанньаны былдьаабаттар. Иккис төгүлүн хатыламмыт буруй иһин эрэ дастабырыанньа былдьаныан сөп. Холобур, суоппар светофор кыһыл уотугар тохтообокко айаннаабытын иһин ыстарааптанан баран, иккис төгүлүн буруйданнаҕына — суоппар бырааба 4-6 ыйга диэри  быһыллар.

Recent Posts

  • Сонуннар

Экстемистэр тэрилтэлэрин үбүлээбит киһиэхэ бириигэбэр таҕыста

СӨ Үрдүкү Суута Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, 1988 сыллаах төрүөх киһи экстремистскэй тэрилтэни үбүлээһиҥҥэ буруйдаах…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 4 млрд солк. тахса үп көрүллүөҕэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 2026 сылга 4 млрд солк. тахса үп көрүллүө диэн Ил Дархан…

8 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

17 саастаах уол харчы уорбут

Дьокуускайдааҕы ИДьМ 3-с №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи баан счетуттан 170 тыһ.солк. уордарбытын…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Айсен Николаев квалификациялаах орто сүһүөх каадырдары бэлэмниири күүһүрдэр наадалааҕын эттэ

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайан этиитигэр эрэгийиэн үүнэн иһэр экэниэмикэтин сайыннарарга квалификациялаах орто…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Таатта улууһун оскуолатын хаар ат киэргэттэ

Хаар аты А.И. Софронов-Алампа аатынан 1 нүөмэрдээх Ытык Күөл орто оскуолатын технологияҕа учуутала Николай Степанов…

38 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Чульмаҥҥа 18 саастаах уол дьиэлэр ититиилэрин ситимнэрин араарбыт

Нерюнгри улууһун Чульман бөһүөлэгэр 18 саастаах уол таһырдьа -40 кыраадыс буолан турдаҕына, дьиэлэр ититиилэрин ситимнэрин…

1 час ago