2025 сылга уоппусканы хаһан ылар табыгастаааҕый?
Үлэ тэрилтэлэрин каадырга отделлара сэтинньигэ-ахсынньыга эһиилги сылга уоппуска графигын оҥороллор.
Уоппуска төлөбүрэ хайдах оҥоһулларый?
Уоппуска харчытын кээмэйэ уоппуска ылар ыйгыттан тутулуктаах. Эн өрөбүл уонна бырааһынньык күннэрэ аҕыйах ыйыгар уоппускаҕын ылар буоллаххына, эйиэхэ арыый элбэх төлөбүр оҥоһуллар. Уоппуска хас биирдии күнүгэр күннээҕи орто хамнас төлөнөр.
Уоппусканы хаһан ылыахха?
Элбэх үлэ күннээх ыйдарга ылар табыгастаах.
Холобур, ыам ыйын саҥатыгар бары бырааһынньык өрөбүллэригэр бараллар -– үлэ күнэ аҕыйах. Ол аата уоппускаҕа барыахтаах киһиэхэ хас биирдии үлэ күнэ күндү буолар.
Уоппускаҕын бу ыйдарга ыллаххына, элбэх харчыны ылыахха сөп: муус устарга, от ыйыгар, балаҕан, алтынньы уонна ахсынньы ыйдарыгар.
Бу ыйдарга уоппуската суох үлэлиир барыстаах: тохсунньуга, ыам ыйыгар, бэс, сэтинньи ыйдарыгар.
Манна сыһыаран эттэххэ, уоппуска күннэрин халаандаарынай күннэртэн ааҕаллар. Эн үлэ да, өрөбүл да күннэртэн саҕалаан сынньаныаххын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: