2025 сылга ыал буоларга «кыраһыабай дааталар»

Share

ЗАГС управлениета 2025 сылга ыал буолар дьоро күҥҥэ кыраһыабай сыыппаралаах дааталары ааттаталаата. 

Хаартыска: ЗАГС управлениета.

2025 сылга сорох «кыраһыабай дааталар» өрөбүл күҥҥэ түбэһэллэр эрээри, ЗАГС управлениета бу күннэри үлэ күнүнэн оҥорорго быһаарыныы ылынна. Онон бу халандаарга ыйыллыбыт күннэргэ ыал буолуохха сөп. Ыал буолууну туоһулуур сибидиэтэлистибэҕэ кыраһыабай сыыппаралар кэчигирэһиэхтэрэ.

Маны тэҥэ, «Госуслуги» порталга 25.08.25 — атырдьах ыйын 25 күнүгэр ыал буоларга сайабылыанньаны билигин да биэриэххэ сөп буолла.

Сайабылыанньаны биэрии сыбаайба буолуо биир ый инниттэн хойутуо суохтаах.

Ханнык «кыраһыабай дааталар баалларый?

Тохсунньуга — 20.01.25.

Олунньуга — 22.02.25, 25.02.25.

Муус устарга — 05.04.25, 25.04.25.

Ыам ыйыгар — 02.05.25.

Бэс ыйыгар — 06.06.25.

От ыйыгар — 08.07.25, 25.07.25.

Атырдьах ыйыгар — 08.08.25., 25.08.25.

Балаҕан ыйыгар — 05.09.25.

Алтынньыга — 10.10.25., 25.10.25.

Ахсынньыга — 05.12.25, 25.12.25.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Хас биирдиибит сырдык күннээх

Баһылайаптар оҕолоро улаатан, бары киэҥ сиринэн тэлэһийэн, дойдуларыгар да кэлбэт-барбат буоллулар. Икки этээстээх дьиэлэрэ, бэл,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Ийээ, өллөхпүнэ ытаамаар»…

Бүгүн Саха сиригэр Ийэ күнэ. Орто дойдуга кыыс оҕо буолан айыллан кэлэн, кэргэн тахсан уоллаах…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Араҥас ньирэйдээх ынаҕа – тыа сирин олоҕун пааматынньыга

Тыа сиригэр кэлиҥҥи сылларга араас социальнай суолталаах тутууну тэҥэ устуоруйаны үйэтитэр араас пааматынньыктар, искибиэрдэр тутуллаллар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Светлана Свинобоева: “Саамай сүрүнэ, оҕону ис сүрэхтэн таптыахха наада…”

Светлана Свинобоева – элбэх оҕолоох ийэ, бэйэ дьыалатын сайыннарар урбаанньыт. Кини аныгы үйэ дьахталларыттан уратыта…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пууннар РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин кэккэтигэр баҕалаахтары ыҥыраллар

Дьокуускай, Нерюнгри уонна Мииринэй куораттарга хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдиир пууннар РФ Оборуона министиэристибэтин кытта…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ааспыт сыллар ахтылҕаннарынан

Саха сиригэр Ийэ күнүн көрсө Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин "Угуйаан" култуура киинигэр күн күбэй ийэлэрбитигэр,…

14 часов ago