“Эһиилги сылга алта, 2025 сылга 8 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллара былааннанар”, — диэн СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин эбээһинэһин толорооччу Нюргуна Соколова телеграмҥа ханаалыгар суруйар.
Миниистир эбээһинэһин толорооччу федеральнай бүддьүөт суотугар үөрэх эбийиэктэрин тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн боппуруоһунан дойду Үөрэҕириигэ министиэристибэтигэр көрсүһүүттэн санаатын үллэстэр.
“2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 12 эбийиэк тутуута былааннаммытыттан, кэккэ уустактарынан, сорох эбийиэктэр бүтүүлэрэ кэлэр сылга көстө”, — диэн суруйар.
2023 сылга хапытаалынай өрөмүөҥҥэ дойду хааһынатыттан баһырхай үп көрүллүбүт. Былааҥҥа барыта 56 оскуола киирбит. Эһиилги хапытаалынай өрөмүөн былааныгар 6, 2025 сылга 8 оскуола киирбитин туһунан иһитиннэрэр. “2025 сылтан уһуйааннарга, үөрэх куорпустарыгар, кэллиэстэр, тиэхиньикумнар уопсайдарыгар хапытаалынай өрөмүөн саҕаланыаҕа. Уустуктар тахсыбаттарын туһугар, федеральнай үбү тыырыы куонкуруһугар номнуо билиҥҥиттэн бэлэмнэниэхтээхпит уонна уһуйааннары, кэллиэстэры саҥардыы ньыматын оҥоруохтаахпыт” — диэн Нюргуна Соколова санаатын үллэстэр. Итиэннэ эбийиэктэри тутуу, хапытаалынай өрөмүөн боппуруостарын тус хонтуруолугар ыларын этэр. Хонтуруолга төрөппүттэр холбоһуктара, учууталлар, оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ быһаччы кыттыһыахтаахтар диэн суруйар.
Манна даҕатан эттэххэ, СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин эбээһинэһин толорооччунан анаммыт Нюргуна Соколова бу нэдиэлэттэн телеграмҥа тус ханаалын арыйда. “Биһиги министиэристибэбит ылынар суолталаах быһаарыыларын, ыытыллар үлэбитин билэ тураргыт, үөрэх, билим хайысхатын үлэһиттэрин бастыҥ уопуттарын кэпсиир туһугар туспа ханаал арыйдым уонна биллэн турар, хардарыта сибээс нөҥүө уһулуччу суолталаах боппуруостарга эһиги санааҕытын истэргэ эрэнэбин”, — диэн суруйар итиэннэ аһаҕас буолары эрэннэрэбин диэн эбэн этэр.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…