Салгыы
2025 сылтан Үөһээ Бүлүүгэ мэдиссиинэ кэллиэһин салаата арыллыаҕа

2025 сылтан Үөһээ Бүлүүгэ мэдиссиинэ кэллиэһин салаата арыллыаҕа

Ааптар:
28.12.2024, 09:30
Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

2025 сылтан Үөһээ Бүлүү улууһугар  «Мэдиссиинэ сиэстэрэтэ» уонна ۫«Биэлсэр дьыалата» идэлэргэ үөрэтиэхтэрэ.

Улуус дьаһалтата  мэдиссиинэ каадыра тиийбэтин кыһалҕатын быһаарыыга Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ, В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ, оройуоннааҕы киин балыыһа, Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия түөрт өрүттээх сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

Ол курдук улуустааҕы гимназия баазатыгар мэдиссиинэ кэллиэһин саҥа салаата аһыллыаҕа. Бу саҥа салааҕа икки идэҕэ үөрэтиэхтэрэ: «Мэдиссиинэ сиэстэрэтэ»  — 1 сыл 10 ый, «Биэлсэр дьыалата» — 2 сыл 10 ый. 2025 сылтан икки идэнэн 17-лии миэстэ арыллыаҕа. Ону тэҥэ устудьуоннар ахсаанын эбэргэ төлөбүрдээх миэстэлэр көрүлүннүлэр. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро уонна тулаайах оҕолор куонкуруһа суох киириэхтэрин сөп. Үөрэххэ туттарсыы туһунан иһитиннэриилэр Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин саайтыгар тахсыаҕа.

Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

«Биһиэхэ бу улахан үөрүү. Биһиги ыччаппыт инники кэскилин туһугар үлэлиибит уонна мэдиссиинэ үлэһитэ баар буоларын хааччыйабыт. Бу устуоруйаҕа киирэр түгэн, онон Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколоваҕа уонна Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин дириэктэрэ Дмитрий Алексеевка махталбытын тиэрдэбит», — диир улуус баһылыга Валерий Николаев.

«Саҥа салаа аһыллыыта – бу муниципальнай сакаас туолуута, итиэннэ эһиил икки идэҕэ үөрэх арыллара былааннаммытыттан олус үөрэбит. Үөрэххэ киирэргэ 4,8 баал наада. Сиһилии кэллиэс саайтыгар билсиэххэ сөп», — диир Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин дириэктэрэ Дмитрий Алексеев, диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
29 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: