2026 сылга Арассыыйаҕа пилота суох буойаһы үлэлэтиэхтэрэ

Share

Арассыыйатааҕы тимир суол 2026 сылга букатын пилота суох буойаһы үлэҕэ киллэриэҕэ. Быйыл сайын Москватааҕы киин эргимтэҕэ (кольцоҕа) быстах пилота суох буойас үлэлиэҕэ. Бу туһунан холдинг баһылыга Олег Белозеров ВДНХ ыытыллар “Арассыыйа” быыстапка-пуорум иитинэн буолбут “Транспортная система будущего в интересах пассажира” пленарнай дискуссия кэмигэр кэпсээтэ.

“Быйыл сайын Москваҕа киин эргимтэҕэ 3 “А” таһымнаах пилота суох буойаһы ыытыахпыт. Кэлэр түһүмэх – 2026 сылга олоччу пилота суох буойаһы үлэлэтэр былааннаахпыт”, — диэн эппит.  Бу туһунан ТАСС суруйар.

Белозеров этэринэн, үрдүк тэтимнээх магистраль (ВСМ) бырайыагын бастакы түһүмэҕин 2030 сылга олоххо киллэрэр былааннаахтар.

“Бастакы түһүмэҕи биһиги, Тырааныспар министиэристибэтэ билигин көхтөөхтүк үлэлиир, быһа холуйан 2030 сылга диэри үлэҕэ киллэрэри былаанныыбыт уонна туһанарга анаан эмиэ бу кэмҥэ олоччу биһиги Арассыыйатааҕы түргэн тэтимнээх буойаспыт тутуллуоҕа. Билигин үлэлиир түргэн тэтимнээх буойастартан таһымынан үрдүк буолуоҕа. Чааска 400 км диэри түргэннээхтик айанныаҕа. Аҕыс вагоннаах буолуо диэн толкуйдуубут, тас көстүүтүн номнуо бигэргэппиппит. Бастакы, биисинэс, комфорт уонна базовай кылаастары оҥорор сабаҕаланар. Оҕо оонньуур хоһо, бистро-вагоҥҥа баардаах куукуна уонна мультимедийнэй иһитиннэрэр аралдьытар систиэмэнэн хааччыллыаҕа”, — диэн Арассыыйатааҕы тимир суол баһылыга кэпсээбит.

Санатан эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2006 с. ыам ыйын 31 күнүгэр “Идэлээх бырааһынньыктары уонна РФ Сэбилэниилээх күүстэрин бэлиэ күннэрин олохтуур туһунан” Ыйааҕынан биллэриэҕиттэн, Арассыыйаҕа тохсунньу 21 күнүгэр Сэбилэниилээх күүстэр инженернэй байыастарын күнэ бэлиэтэнэр. Дойдуга пилота суох буойас туһунан сонун бу бэлиэ күн иннинэ иһитиннэриллибитэ улахан суолталаах.

#Владимир Путин

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago