2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр
18.12.2025, 20:00
Мария Васильева хаартыската, ЯСИА.
Бөлөххө киир:
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА Новости суруйар.
Ааҕыныстыба дааннайдарынан, Арассыыйа биэнсийэлээхтэрэ мунньуллубут биэнсийэлэрэ 439 776 солкуобайтан элбэх буолбатах буоллаҕына, биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп.
Мунньуллар биэнсийэ кээмэйэ биэнсийэ уопсай мунньуллубут сууматыттан таһаарыллар. 2025 уонна 2026 сылларга 270 ыйга тэҥнэһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: