Өрөспүүбүлүкэҕэ 2026 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 28 598 солк. буолуоҕа

Share

СӨ Бырабыыталыстыбата 2026 сылга өрөспүүбүлүкэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн биир киһиэхэ ааҕыынан тиийинэн олоруу алын кээмэйин бигэргэттэ. Бу быһаарыы Социальнай-үлэ сыһыаннаһыыларын салайыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи үс өрүттээх хамыыһыйа санаатын учуоттаан ылылынна. Бырабыыталыстыба уурааҕа 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэҕэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир киһиэхэ ааҕыллар тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2026 сылга 28 598 солкуобай буолуоҕа, диэн СӨ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Нэһилиэнньэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:

  • үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 31 172 солкуобай;
  • биэнсийэлээхтэргэ – 24 594 солкуобай;
  • оҕолорго – 27 740 солкуобай.

Өрөспүүбүлүкэ бастакы зонатыгар (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана уонна Эбээн-Бытантай улуустара, ону таһынан Мииринэй улууһун Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай куората) 2026 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык буолуоҕа:

  • үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 36 471 солкуобай;
  • биэнсийэлээхтэргэ – 28 775 солкуобай;
  • оҕолорго – 32 456 солкуобай;
  • биир киһиэхэ ааҕыынан – 33 460 солкуобай.

Өрөспүүбүлүкэ иккис зонатыгар (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мииринэй (Айхал бөһүөлэгиттэн уонна Удачнай куораттан ураты), Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара, ону таһынан Дьокуускай куорат) 2026 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык тэҥнэһиэҕэ:

  • үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 30 549 солкуобай;
  • биэнсийэлээхтэргэ – 24 102 солкуобай;
  • оҕолорго – 27 185 солкуобай;
  • биир киһиэхэ ааҕыынан – 28 026 солкуобай.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ аҕыйах дохуоттаах гражданнарга судаарыстыбаннай социальнай көмөнү оҥорууга туһаныллар. Ити оҕо төрөөһүнүнэн уонна иитиитинэн сибээстээн, ый аайы төлөнөр босуобуйа, биэнсийэҕэ эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүр кээмэйдэрин быһаарыыга, ону тэҥэ дохуотунан социальнай өйөбүлгэ наадыйыыны сыаналааһыҥҥа сыһыаннаах.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биир киһиэхэ ааҕыынан 26 777 солкуобай, үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 29 187 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 23 028 солкуобай, оҕолорго – 25 974 солкуобай.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик дьахтар «Toyota Vitz» массыынанан теплотрассаҕа кэтиллибит

Ааспыт өрөбүл күннэргэ Дьокуускайга эчэйиитэ суох 15 суол быһылаана бэлиэтэннэ. Бу туһунан киин куорат ГАИ…

4 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыллааҕы быыбарга байыаннай дьайыы 890 кыттыылааҕа мандаат ылбыт

2025 сылга араас таһымнаах быыбардарга байыаннай дьайыы 890 кыттыылааҕа мандааттаах ылбыт. Бу туһунан «Биир ньыгыл…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1-8 кылаас үөрэнээччилэригэр актированнай күн биллэрилиннэ

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Дьокуускайга 1–8-с кылаас үөрэнээччилэригэр актированнай күн биллэрилиннэ. Бу туһунан киин куорат…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн Дьокуускайга -49° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Cаха сирин синоптиктарын билгэлэринэн бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, хоту оройуоннарынан хаардыыр.  Эдьигээн улууһугар сөкүүндэҕэ 9-14…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эвелина Егорова: «Патриот» киин ыччат түмсэр сиринэн буолуоҕа»

Бүгүн Дьокуускайга «Патриот» ыччат киинин үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Бу аныгы кэм ыччатын сайдар, үүнэр,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сулустан Заболоцкай: «Дойду инникитэ – ыччатыгар!»

Бүгүн Саха сиригэр бастакы Уһук Илиҥҥэ биир бөдөҥ элбэх функциялаах «Патриот» ыччат киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга…

11 часов ago