2026 сылтан хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүр үрдүөҕэ

2026 сылтан хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүр үрдүөҕэ

Ааптар:
05.12.2025, 10:00
Хаартыска: М.Васильева (ЯСИА)
Бөлөххө киир:

Кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэригэр төлөбүр алын кээмэйэ үрдүөҕэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалынай өрөмүөн пуондатыттан иһитиннэрбиттэринэн, үрдээһин биир квадратнай миэтирэҕэ ыйга 5 солкуобайга диэри эбиллиэн сөп.

Бу уларыйыы дьиэ-уот бас билээччилэригэр да, кэммиэрчэскэй эбийиэктэргэ да сыһыаннаах. Хапытаалынай өрөмүөн үлэтин сыаната үрдээһинин кытта сибээстээн тарыыптар хат көрүлүннүлэр. 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыйдааҕы төлөбүр (биир кв. миэтирэ иһин) маннык буолуоҕа:

Олохтоохтор бас билэр дьиэлэригэр-уоттарыгар (гражданнар бас билиилэрэ):

  • Мас дьиэлэргэ – 9,93 солкуобай (урут 9,03 солк. этэ);
  • Гаастаах мас дьиэлэргэ – 10,15 солкуобай (урут 9,23 солк. этэ);
  • Лифта, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 13,98 солкуобай (урут 12,71 солк. этэ);
  • Лифта суох, гаастаах таас дьиэлэргэ – 14,28 солкуобай (урут 12,78 солк. этэ);
  • Лифтаах, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 18,58 солкуобай (урут 16,89 солк. этэ);
  • Лифтаах, гаастаах таас дьиэлэргэ – 18,99 солкуобай (урут 17,26 солк. этэ).

Кэммиэрчэскэй эбийиэктэргэ (дьиэ уопсай баайыгар-дуолугар киирбэт):

  • Мас дьиэлэргэ – 29,74 солкуобай (урут 24,78 солк. этэ);
  • Гаастаах мас дьиэлэргэ – 30,40 солкуобай (урут 25,33 солк. этэ);
  • Лифта, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 30,49 солкуобай (урут 25,41 солк. этэ);
  • Лифта суох, гаастаах таас дьиэлэргэ – 31,16 солкуобай (урут 25,97 солк. этэ);
  • Лифтаах, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 34,34 солкуобай (урут 28,62 солк. этэ);
  • Лифтаах, гаастаах таас дьиэлэргэ – 35,10 солкуобай (урут 29,25 солк. этэ).

Кимнээх босхолоноллоруй?

Сокуон быһыытынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүртэн толору босхолоноллор. Бу чэпчэтии кинилэргэ уруккутун курдук салгыы үлэлиэҕэ.

Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: