2026 сылтан хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүр үрдүөҕэ

Share

Кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэригэр төлөбүр алын кээмэйэ үрдүөҕэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалынай өрөмүөн пуондатыттан иһитиннэрбиттэринэн, үрдээһин биир квадратнай миэтирэҕэ ыйга 5 солкуобайга диэри эбиллиэн сөп.

Бу уларыйыы дьиэ-уот бас билээччилэригэр да, кэммиэрчэскэй эбийиэктэргэ да сыһыаннаах. Хапытаалынай өрөмүөн үлэтин сыаната үрдээһинин кытта сибээстээн тарыыптар хат көрүлүннүлэр. 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыйдааҕы төлөбүр (биир кв. миэтирэ иһин) маннык буолуоҕа:

Олохтоохтор бас билэр дьиэлэригэр-уоттарыгар (гражданнар бас билиилэрэ):

  • Мас дьиэлэргэ – 9,93 солкуобай (урут 9,03 солк. этэ);
  • Гаастаах мас дьиэлэргэ – 10,15 солкуобай (урут 9,23 солк. этэ);
  • Лифта, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 13,98 солкуобай (урут 12,71 солк. этэ);
  • Лифта суох, гаастаах таас дьиэлэргэ – 14,28 солкуобай (урут 12,78 солк. этэ);
  • Лифтаах, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 18,58 солкуобай (урут 16,89 солк. этэ);
  • Лифтаах, гаастаах таас дьиэлэргэ – 18,99 солкуобай (урут 17,26 солк. этэ).

Кэммиэрчэскэй эбийиэктэргэ (дьиэ уопсай баайыгар-дуолугар киирбэт):

  • Мас дьиэлэргэ – 29,74 солкуобай (урут 24,78 солк. этэ);
  • Гаастаах мас дьиэлэргэ – 30,40 солкуобай (урут 25,33 солк. этэ);
  • Лифта, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 30,49 солкуобай (урут 25,41 солк. этэ);
  • Лифта суох, гаастаах таас дьиэлэргэ – 31,16 солкуобай (урут 25,97 солк. этэ);
  • Лифтаах, гааһа суох таас дьиэлэргэ – 34,34 солкуобай (урут 28,62 солк. этэ);
  • Лифтаах, гаастаах таас дьиэлэргэ – 35,10 солкуобай (урут 29,25 солк. этэ).

Кимнээх босхолоноллоруй?

Сокуон быһыытынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүртэн толору босхолоноллор. Бу чэпчэтии кинилэргэ уруккутун курдук салгыы үлэлиэҕэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Угаайылаах сир баайа: Хатаска гаас ситимэ ааһар учаастагар атыыламмыт сир дуогабарын суут көтүрдэ

2025 сыл ыам ыйыгар биир дьахтар «Хатас» СХПК тэрилтэтиттэн бэйэ дьиэтин туттарга (ИЖС) анаммыт сири…

23 минуты ago
  • Сонуннар

Юрий Трутнев: «Инвестициялар — Уһук Илин сайдыытын сүрүн түһүмэҕэ»

РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы -- Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев "Россия-24" телеханаалга…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл Саха сирин 17 нэһилиэгэр саҥа суотабай сибээс ыстаансыйалара тутуллуохтара

2026 сылга «УЦН 2.0» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр өссө 17 нэһилиэккэ суотабай сибээс ыстаансыйаларын…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Баһаарга эмсэҕэлээбиттэр туруктара олус ыарахан диэн сыаналыыллар

Бүгүн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Ньурба улууһугар бөлүүн баһаарга эмсэҕэлээбиттэр туруктарын туһунан иһитиннэрдэ.  Ньурба улууһун Ньурбачаан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Айсен Николаев үөрэх уонна билим сайдыытын туһунан мунньахтаата

Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев 2026 сыллаахха үөрэх систиэмэтин сайыннарыы былааныгар анаммыт сүбэ мунньаҕы ыытта.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо мессенджер нөҥүө сэбилэниилээх өрө турууга ыҥырбыт

Саха сиригэр олорор Украина националистическай структураларын дьайыыларын тутуһар киһиэхэ холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан СӨ УФСБ…

3 часа ago