2026 сылтан оҕолоох дьоҥҥо саҥа чэпчэтии киириэҕэ

Share

2026 сылтан оҕолоох ыалларга саҥа чэпчэтии киирэр. Дьокутааттар  178 №-дээх федеральнай сокуону ылыннылар. Нолуокка чэпчэтиини кимнээх ылар кыахтаахтарый?

Үлэлиир төрөппүт икки уонна онтон элбэх  сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох (үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааһыгар диэри) буолуохтаах. Былырыыҥҥы сылга хамнаһыттан 13%-наах НДФЛ нолуогу төлөөбүтэ ирдэнэр. Дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, уопсай дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5 төгүллээх кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, бэриллэр. Маны тэҥэ, алимеҥҥа иэс суох буолуохтаах.

Чэпчэтии кээмэйэ төһөнүй?

13% -тан 6%-ны көҕүрэтэллэр. Бу араастаһыыта — 7% төннөрүллэр. 2026 сылтан саҕалаан, сыл аайы ылыахха сөп.

Холобур, төрөппүт хамнаһа 50 тыһыынча солкуобай буоллаҕына, 13%-наах нолуога сылга 78 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Оччотугар нолуокка чэпчэтии быһыытынан, сылга 42 тыһыынча солкуобай төннөр.
Маннык нолуокка толуйуу (налоговый вычет) төрөппүттэргэ иккиэннэригэр төлөнөр.

Сайабылыанньаны Социальнай пуондаҕа, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран, эбэтэр, «Госуслуги» портал нөҥүө биэриэххэ сөп. 2026 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн адтынньы 1 күнгэр диэри сайабылыанньаны биэриэххэ сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саҥа сылы доруобуйаны айгыраппакка көрсүөххэ

Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…

54 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОҔО СААҺЫМ САҤА ДЬЫЛА…

Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уот кыһыл ат сылыгар туох күүтэрий?

Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин!»

Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 31 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…

4 часа ago