2035 сылга диэри хайа хостуур бырамыысыланнаһын сайыннарыы былаана ылылынна
Саха сиригэр 2035 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр хайа хостуур бырамыысыланнаһын сайыннарыы былаана ылылынна. Бу туһунан Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Саха сиригэр 2035 сылга диэри хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр хайа хостуур бырамыысыланнаһын сайыннарыы былаана ылылынна. Бу былаан сиртэн-хостонор баайын кээмэйин улаатыытын, чуолаан, кыһыл көмүс хостооһунун үрдэтиэҕэ. Бырайыак «Хотугулуу- Илиҥҥи хайа урудаатын провинциятын сайдыыта» диэн ааттанна. Туһааннаах дьаһалга Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата», — диэн пресс-сулууспаҕа иһитиннэрдилэр.
Былаансыала-соруга — кэскиллээх сиртэн хостонор баайдаах сирдэри минеральнай-сырьевой баазатын туһаҕа таһаарыы. Бырайыакка биэс оройуон киирдилэр: Дьааҥы, Өймөкөөн, Томпо, Уус Маайа уонна Уус Дьааҥы оройуоннара.
«2035 сылга диэри стратегическай сорукпут — көмүс хостооһунун 31 туоннаҕа диэри улаатыннарыы, бу провинция Саха сирин көрдөрүүлэрин 37 %- тан 50 %- ҥа диэри улаатыннарыаҕа», — диэн министиэристибэҕэ чуолкайдаатылар. Үрүҥ көмүс — 401 туонна, хорҕолдьун — 3 тыһ. туоннаҕа тиийэ, ону таһынан цинк, сибиниэс, вольфрам, сэдэх уонна стратегическай металлары хостооһун улаатара сабаҕаланар», — диэн Бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: