204 саастаах алтан чуораан

Share

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар.

«2020 сыллаахха оскуола төрүттэммитэ 90 сылын бэлиэтииригэр бу алтан чуораан собуокка кутуллан оҥоһуллубута лоп курдук 200 сылын туолбута. Быйыл чуораан 204 сааһын туоллар даҕаны оскуолатыгар үйэ кэриҥэ тохтоло суох «үлэлии» сылдьар«, — диир оскуола дириэктэрэ Павел Николаевич Васильев.

Хорула олохтооҕо Туйаара Григорьева интернеккэ хасыһан билбитинэн, манна маарыҥныыр чуорааҥҥа: «Старинный поддужный колокольчик. Надпись на юбке «1820. Го. лит. в Тюмни. фабрики. Полик. Гилёва.», — баар сурук уонна
аты мииммит дьон (казактар) ойуута, тэс курдук ыйааһына — барыта быһа барыллаан сөп түбэһэр. Маннык алтан чуорааннар таҥара дьиэлэрин урусхаллааһын саҕана оскуолаларга тиксибит курдуктар…

Хаартыска: социальнай ситимтэн

«Чаппанда аҕабыыта ыраахтааҕы былааһа сууллуон иннинэ дьону сүрэхтии Хорулаҕа, ыраах үрэх баһыгар Лооглоорго Чаппанда аҕабыыта дьону сүрэхтии тиийэ сылдьан обургу кириэс туруортарбыта эбитэ үhү. Ол кириэскэ үс итинник чуорааннааҕа диэн истибитим. Кириэс мас төбө өттүгэр иилиллибит тимир кириэhи урут Сымытов Өндүрэй Лооглоорго күhүн бултуу сылдьан булан баран, онно бырахпытым, син мэнээк ыйааhыннаах этэ диирэ. Ити сылдьар чуораан орто чуораан буолуохтаах. Былыргы нуучча уруhуйдарыгар оннук чуорааннаах кириэстэр баар буолааччылар», — диэн нэһилиэк олохтооҕо Гаврил Степанов бэйэтин санаатын үллэстэр. Маннык этиини ветеран учуутал Татьяна Семёновна Николаева бигэргэтэр: «Кэпсээбит дьоннор суохтар да буоллар,
Алексей Матьев кэргэнэ Христина итинник кэпсиирэ үһү. Учуутал, краевед Николай Христофорович Филиппов эмиэ Лооглоортон аҕалбыттара диэн кэпсиирэ. Кириэскэ булчуттар аттарын баайан, өттөөн аһаталлара үһү, онтулара ити кэлин сууллубут дииллэр. Ол ону Өндүрэй Сымытов булан баран — бырахпыт, айыырҕаан».

Бу оскуолаҕа уһуннук дириэктэрдээбит историк учуутал Николай Титович Чочанов маннык кэпсиир: «Таркаайыга (1870-1920 сс.), Чаппандаҕа (1895-1929 сс.) таҥара дьиэлэрэ баар буола сылдьыбыттар. Ньурба оройуонугар Таҥара үөрэҕэ сайдыытын үөрэтэн, кинигэ суруйа сылдьар Игнатьева Мотрена Семёновна этэринэн, Хорула түбэтигэр Лооглоорго часовня суох эбит. Оччолорго кыахтаах ыаллар уһаайбаларыгар 4 миэтэрэ үрдүктээх көмүскэл кириэстэри туруортууллара үһү. Бу Лооглоорго өр кэмҥэ бултаабыт Слава Иванов этэринэн, өтөххө итинник кириэһи көрөр эбит. Улахан мас төбөтүгэр өссө эбии 40 см уһуннаах тимир кириэстээх улахан кириэһи тииккэ өйөннөрө уурбутум диир. Игнатьева М.С. этэринэн, Таркаайы нэһилиэгин Таҥаратын дьиэтин тутуутугар Хорула дьоно көхтөөхтүк кыттыбыттар.
Кини бигэргэтэринэн кэриим аҕабыт аата Василий Мясоедов диэн. Бу чуораан 1948 сыллаахха оскуолаҕа аан бастаан чугдаарбыт, Таркаайы таҥаратын дьиэтин чуораана буолуохтаах диир Мотрена Семёновна».

Дьэ, маннык курдук устуоруйалаах алтан чуораан атын оскуолаларга баара дуу, баҕар…
Элбэх көлүөнэ өйүгэр-санаатыгар күндү өйдөбүл буолан иҥмит үйэ кэриҥэ чугдаарыйа тыаһыы сылдьар алтан чуорааннарын устуоруйатын хорулалар чуолкайдыыр, сүтэрбэккэ харыстаан, үйэтитэр санаалаахтар.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago