207 ыал гааска босхо холбонно
2024 сыл саҕаланыаҕыттан, 200-тэн тахса ыал социальнай гаастааһын бырагырааматынан гааска холбоннулар. Ону тэҥэ, бэрэсидьиэн Анал этиитин толоруу чэрчитинэн, гаас киириэхтээх саад табаарыстыбаларын инвентаризациялааһын түмүктэниэҕэ.
Быйыл номнуо 1767 дуогабар түһэрсилиннэ. 2024 сылга былаан — 1867 дуогабар. Онтон 207 ыал номнуо гааска холбоннулар.
Ил Дархан ыйааҕынан, «Сахатранснфтегаз» АУо нэһилиэнньэлээх пууннары гааска холбуур оператор буолбута.
Социальнай гаастааһын бырагыраамата 2021 сылтан үлэлиир. Бу бырагырааманан учаастакка диэри гаас турбатын босхо тардаллар. Бэрэсидьиэн Анал этиитигэр бырагырааманы кэҥэтэн, гаас ситимин саад табаарыстыбаларын учаастактарыгар тиийэ тиэрдэргэ сорудахтаабыта.
Саха сиригэр 2023 сылга социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2907 дьиэ гааска холбоммута. Ол эбэтэр, былаанын 38% куоһарбыта. Онон Саха сирэ социальнай гаастааһыҥҥа Уһук Илиҥҥэ лиидэр буолар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: