208 аҕа оҕо көрөн олорор уоппусканы ылбыт

Share

Быйыл 208 аҕа оҕо көрөн олорор уоппусканы ылбыттар. Кинилэргэ оҕо 1,5 сааһын туолуор диэри ыйдааҕы төлөбүр төлөнөр, кээмэйэ — хамнас 40%-на буолар. 

Аҕа кэргэнэ үлэлиир буоллаҕына, оҕотун көрөн олоруон сөп. Оҕо көрөр уоппускаҕа барарыгар үлэтигэр сайабылыанньа суруйуохтаах. Урут сайабылыанньаны сэргэ докумуоннары хомуйан бэриллиэхтээх этэ, билигин докумуон хомуйар ирдэммэт, тоҕо диэтэр, Социальнай пуонда бэйэтэ тустаах  тэрилтэлэртэн сибидиэнньэлэри хомуйан ылар.

Оҕо көрөн олорууга босуобуйа алын кээмэйэ 9227 солкуобайга (оройуоннай коэффициены учуоттаабакка туран), муҥутуур кээмэйэ — 49 123 солкуобай (оройуоннай коэффициены учуоттаабакка туран). Төлөбүр хас ый аайы 8 чыыһылаҕа кэлэн түһэр.

Аҕа оҕону көрөн олорор кэмэ кини биэнсийэҕэ ыстааһыгар ааҕыллар уонна биэнсийэҕэ коэффициеннара эбиллэллэр. Уоппуска хас биирдии сылыгар бастакы оҕоҕо  1,8 коэффициент, иккис оҕоҕо — 3,6 коэффициент ааҕыллар. Аҕа үһүс, төрдүс  оҕотун көрөн олорор буоллаҕына, 5,4 коэффициент ааҕыллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago