Быйыл 208 аҕа оҕо көрөн олорор уоппусканы ылбыттар. Кинилэргэ оҕо 1,5 сааһын туолуор диэри ыйдааҕы төлөбүр төлөнөр, кээмэйэ — хамнас 40%-на буолар.
Аҕа кэргэнэ үлэлиир буоллаҕына, оҕотун көрөн олоруон сөп. Оҕо көрөр уоппускаҕа барарыгар үлэтигэр сайабылыанньа суруйуохтаах. Урут сайабылыанньаны сэргэ докумуоннары хомуйан бэриллиэхтээх этэ, билигин докумуон хомуйар ирдэммэт, тоҕо диэтэр, Социальнай пуонда бэйэтэ тустаах тэрилтэлэртэн сибидиэнньэлэри хомуйан ылар.
Оҕо көрөн олорууга босуобуйа алын кээмэйэ 9227 солкуобайга (оройуоннай коэффициены учуоттаабакка туран), муҥутуур кээмэйэ — 49 123 солкуобай (оройуоннай коэффициены учуоттаабакка туран). Төлөбүр хас ый аайы 8 чыыһылаҕа кэлэн түһэр.
Аҕа оҕону көрөн олорор кэмэ кини биэнсийэҕэ ыстааһыгар ааҕыллар уонна биэнсийэҕэ коэффициеннара эбиллэллэр. Уоппуска хас биирдии сылыгар бастакы оҕоҕо 1,8 коэффициент, иккис оҕоҕо — 3,6 коэффициент ааҕыллар. Аҕа үһүс, төрдүс оҕотун көрөн олорор буоллаҕына, 5,4 коэффициент ааҕыллар.
Ньурба улууhун I Хаҥалас нэhилиэгиттэн Курышевтар диэн ыалтан алта бииргэ төрөөбүт уол дойдутун көмүскээн байыаннай…
Улуу Кыайыы 79 сылынан дойду сүрүн параада Москваҕа Кыһыл болуоссакка буолуоҕа. Манна байыаннай тиэхиньикэлэр, саллааттар…
Кыайыы күнүнэн Саха сирин байыастара өрөспүүбүлүкэ аатыттан бэлэхтэри туталлар. Бу күннэргэ Уһук Илин госпиталларыгар эмтэнэ…
Улуу Кыайыы 79 сылын Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэр олус сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык көрүстүлэр. Ол…
Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиир: "Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл…
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга АГАТУ ипподромугар Кыайыы 79 сылыгар аналлаах ат сүүрдүүтэ ыытыллар.…