21 оҕолоох иллээх дьиэ кэргэн
Ыам ыйын 15 күнэ – Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнэ. Киһиэхэ бу олоҕор дьиэ кэргэнэ – саамай күндүтэ, тирэҕэ. Дьиэ кэргэн күнүн көрсө Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрэ оҕону иитэр дьиэ кэргэттэргэ ыалдьыттаатылар.
21 оҕолоох Корниловтар Тулагыга олороллор. Онон бэрт түргэнник айаннаан, куораттан төһө да чугас буоллар, хайдах эрэ тыа сирин курдук холку, нус-хас, чуумпу эйгэҕэ тиийдибит.
Киэҥ тэлгэһэҕэ икки этээстээх улахан дьиэлээхтэр, хас да тэпилииссэлээхтэр, хортуоппуй олордор оҕуруоттаахтар. Тиэргэн ортотугар тупсаҕайдык оҥоһуллубут оҕо оонньуур дьиэтэ харахха быраҕыллар. Ыаллар сүөһүлээхтэр, икки ыанар ынахтаахтар.
Дьиэҕэ киирээти кытта минньигэс ас сыта саба биэрдэ. Улахан дьиэ кэргэн икки остуолунан олорон, эбиэттээн эрэллэр эбит. Кыралар аллараа туспа остуоллаахтар. Дьиэ иһэ ыраас, сырдык, сылаас, үөһээ этээскэ утуйар хостор бааллар. Истиэнэҕэ оҕолор ситиһиилэрэ – үгүс мэтээллэр ыйаммыттар. Атын истиэнэҕэ оҕолор хаартыскалара истиҥ эйгэни олохтууллар. Соторутааҕыта ким эрэ төрөөбүт күнүн бэлиэтээбиттэрин истиэнэҕэ ыйаммыт сурук, саарыктар туоһулууллар. Успуорду өрө тутар ыал диэх курдук – киирээти кытта тренажердар тураллар.
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников Корниловтары эҕэрдэлээн туран, сибэкки дьөрбөтүн уонна сэмэй бэлэҕи туттарда. Бу курдук министиэристибэ үлэһиттэрэ оҕону иитэр ыаллары билсэ-көрсө олороллор.
Бары сахалыы саҥараллар
Корниловтарга билигин 11 оҕо баар. Кинилэр 3 төрөппүт оҕолоро улааппыттарын кэннэ, тулаайах оҕолору иитэ ылбыт киһи диэн санаалаахтар эбит. Бастакы оҕолорун кэннэ, бииргэ төрөөбүттэрин ылбыттар, онтон ити курдук бииртэн биир сиэтиллэн, кэлэн испиттэр.
Пелагея Ивановна – социальнай үлэһит, аҕалара Михаил Петрович хаһаайыстыбатын көрөн олорор. 6 оҕолоро улаатан, үөрэнэ, үлэлии сылдьаллар. Билигин 4 устудьуоннаахтар, 3 оҕолоро ыаллар, сиэннэрдээхтэр. Быйыл өссө биир уоллара сыбаайбалыахтаах, онно бэлэмнэнэллэр.
Корниловтар 2013 сыллаахха куораттааҕы “Счастливы вместе” күрэскэ кыайан, Кытайга баран кэлэр путевканан наҕараадаламмыттара. Ол айаннарын олус сылаастык ахталлар. 2016 сыллаахха “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ 1-кы миэстэни ылбыттара.
Кинилэр саха, нуучча, эбэҥки, азербайджанец, украинец оҕолорун иитэ ылан, омугунан араарбакка, биир иллээх ыал буолан олороллор. Оҕолор бары сахалыы саҥараллар. Сорох оҕолорун сахалыы ааттыыллар. Холобур, Шакиры Айтал, Шахины Ньургус диэн ааттаабыттар.
Улахаттар дьиэ ис үлэтин кыайа тутан олороллор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, кыраларын көрсөллөр.
Бары бииргэ айылҕаҕа сылдьалларын, сөтүөлүүллэрин, сир астыылларын сөбүлүүллэр. Уолаттар аҕаларын кытта оттоһоллор. Аҕалара кинилэри тиэхиньикэни ыытарга, өрөмүөннүүргэ үөрэтэр. Онон үлэни кыайар, үөрүйэхтэри сатыыр, кыайыгас, тобуллаҕас буола улааталлар.
Хас ый аайы төрөөбүт күннэрин ылаллар. Киэһэ аайы бары түмсэн, остуол оонньууларын оонньуулларын, кэпсэтэллэрин сөбүлүүллэр. Кыралар уруһуйдууллар, оонньууллар.
Оҕолор ситиһиилэрэ
Оҕолор успуорка элбэх ситиһиилэрдээхтэр. “Тулагыга үчүгэй тириэньэр баар”, – диэн төрөппүтэр махтана этэллэр. Сорох оҕолор Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа үөрэммиттэрэ.
Миша Пуриев “Кругозор” бырайыак “Мир безопасности” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус 1-кы истиэпэннээх лауреата, WorldsSkills Juniors чөмпүйэнээт муниципальнай түһүмэҕэр электромонтажнай үлэҕэ 3-с истиэпэннээх дипломата. Амыдай Федоров диэн уоллара эмиэ бу чөмпүйэнээккэ 3-с истиэпэннээх дипломант буолбута.
Юлия Ван-ди-лу пауэрлифтиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр 1-кы миэстэлээх, СӨ физкультурнай хамсааһынын 100 сылыгар аналлаах чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиигэ 2-с миэстэлээх, Казаньҥа буолбут Анал олимпиада биир кэлим оонньууларыгар сүүрүүгэ 2-с миэстэлээх, остуол тенниһигэр эмиэ ситиһиилэрдээх.
Таня Пятых сүүрүүгэ, атах оонньууларыгар күрэхтэһиилэргэ 1-кы миэстэни ылаттыыр. Онон дьиэ кэргэҥҥэ оҕо кыаҕын, дьоҕурун таба көрөн, сайыннарарга, куруһуоктарга сырытыннарарга, күрэхтэһиилэргэ илдьэргэ-таһарга кыһаллаллар.
“Тапталтан кэлбитим!”
Билигин саамай кыралара – үстээх Алиса. Ыалдьыттар кэлэллэринэн, маанытык таҥныбыт кыысчаан толлубакка, ийэтигэр көтөхтөрөр, кууһар, кулгааҕар тугу эрэ сибигинэйэр. “Алиса, эн хантан кэлбиккиний?” – диэн ийэтэ ыйытар. Кыысчаан умса көрөр, атын дьон баарыттан симиттэр уонна чуолкай баҕайытык: “Тапталтан кэлбитим!” – диэн чаҕаарар.
Киниттэн арыый обургу оҕолор остуолга туспа олорон, кимиэхэ да кыһаллыбакка, уруһуйдууллар, мозаиканы таҥаллар.
– Оҕону кыра эрдэҕинэ ылар үчүгэй эбит, – диэн кэпсиир ийэлэрэ Пелагея Ивановна. – Биирдэ 12 саастаах уолу ылбыппыт, кистээбэккэ эттэххэ, бастаан элбэхтик эрэйдээбитэ. Онтон ыксаан, “биһиэхэ кыайан табыллыбатыҥ, онон төттөрү биэрэрбит буолуо” диэбиппитигэр, уолбут эмискэ уларыйан хаалбыта. Оҕо дууһата бэрт чараас, олоҕор төһө да ыарахаттары көрүстэр, тапталга, истиҥ сыһыаҥҥа олус наадыйар.
Онон күн аайы хас биирдиилэригэр, саатар 5-10 мүнүүтэ устата кууһан, сыллаан, кэпсэтэн, болҕомтобун уурабын. Оҕону иитиигэ саамай сүрүн кистэлэҥэ – кэпсэтиэххэ наада. Тугу саныырын, тугу сөбүлээбэтэҕин, туохха баҕарарын, күнэ хайдах ааспытын арыллан кэпсээтэҕинэ, истиҥ сыһыан үөскүүр.
Саҥа оҕону ыллахха, дьиэ кэргэн бүтүннүү ол оҕо таһымыгар түһэн, хайдах эрэ ыһыллан хаалар. Онон сырыы аайы саҥаттан сааһыланабыт.
Миэхэ билигин биир саамай бигэ тирэхтэрим – улахан кыргыттарым. Билигин мин дьиэҕэ ас астаабаппын, иһит, муоста сууйбаппын. Барытын бэйэлэрэ аттаран, быһааран кэбиһэллэр. “Ютубтан” көрөн, наһаа минньигэстик астыыллар. Бу кинилэр кэнники олохторугар улаханнык туһалыаҕа.
“Оһохпутун уларыппыт киһи”
“Билигин туох ыарахаттары көрсөҕүт?” – диэн аҕаларыттан ыйытабыт. Михаил Петрович сүөһүлэрин көрөр, дьиэ ис-тас үлэтин бүтэрэр-оһорор, оҕолорун таһар.
– Хаһаайыстыбалаах буолан, үчүгэй – оҕолор үлэҕэ үөрэнэллэр. Элбэх оҕону дьиэҕэ хаайан олорбот буоллаҕыҥ, дьарыктаах, үлэлээх буолаллара ордук. Сорох оҕолорбут Уус Алдаҥҥа эбэлэригэр баран сайылыыллар, оттууллар.
Үс Хатыҥ кэннинэн сир биэрбиттэрэ. Онно хортуоппуй олордобут. Тэпилииссэ туттубуппутун, көтүрэн илдьэ баран хаалбыттар этэ. Онон онно дьиэ туттаары, сайылык оҥостоору, уот киллэрээри гынабыт.
Дьиэбитигэр гаас оһохпутун уларыппыт киһи дии саныыбын. Үөһээ этээскэ сылаас, аллараа тымныы соҕус. Бу боппуруоһу быһаарыахха наада. Элбэх оҕолоохторго диэн
“УАЗ-ик” биэрбиттэрин атыылаан баран, “Ипсум” массыынаны ылбыппыт. Онон оҕолор массыынаҕа бары баппакка, уочаратынан таһабын.
Түмүккэ
Бу курдук иллээх, улахан дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаатыбыт. Төрөппүт оҕону эрэ буолбакка, тулаайах, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону сүрэххэ-быарга чугастык ылынан, тапталынан угуттаан, бэйэ оҕотуттан итэҕэһэ суох иитэр, улаатыар, үлэһит буолуор диэри улахан эппиэтинэһи ылынар диэн туһугар хорсун быһыы буоллаҕа…
2023 сыл туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 3972 оҕо тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт. Кинилэртэн 3519 оҕону (88,5%) ыаллар иитэ ылбыттар. Онон 400-тэн тахса оҕо иитэ ылар дьиэ кэргэттэри кэтэһэллэр. Ол да буоллар, кэнники сылларга оҕону иитэр ыаллар ахсааннара эбиллэр, тулаайах оҕо ахсаана сыыйа көҕүрүүр. Холобур, 2021 сыллаахха 632 оҕону, 2022 сыллаахха 680 оҕону иитэ ылбыттара. 2013 сыллаахха 845 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баара.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕолору иитии, эппиэкэҕэ ылыы эйгэтигэр сокуоннарга уларытыылары киллэрэллэр. 2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев оҕону иитэр төрөппүттэргэ төлөбүрү икки төгүл улаатыннарар туһунан ыйаах таһаарбыта. Онон ыйдааҕы төлөбүр 16480 солкуобайга (1-кы зонаҕа) уонна 14715 солкуобайга (2-с зонаҕа); иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо 9888 солкуобайга уонна 8829 солкуобайга тэҥнэспитэ. Инбэлиит оҕоҕо уонна 14 сааһын туолбут оҕону иитэ ыллахха, эбии төлөбүрдэр бааллар. Уонтан элбэх оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ тырааныспар атыылаһалларыгар 837426 солкуобай көрүллэр.
Маны тэҥэ, Ил Дархан оҕону иитэр дьиэ кэргэттэргэ төлөбүрү өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнииргэ сорудахтаабыта.
2022 сылтан “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ “Оҕону иитэр дьиэ кэргэн” диэн туспа номинация баар буолбута, кыайыылаахтар 300 тыһыынча солкуобайы ылаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: